Перевод с якутского
көмнөх
аат тыл
Нууччалыы снег, осевший на ветвях деревьев, на деревьях, кустах
1 аат тыл #
Маска, мас лабааларыгар түһэн мустубут хаар
Нууччалыы Снег, осевший на ветвях деревьев, на деревьях, кустах
Көмнөҕү көтөҕөн турар мутуктар хойуу таарбах лабаалара харааран көстөр буоллулар. Амма Аччыгыйа Маҥан баатанан бүрүммүттүү, чоҥкуйан турбут тыа ыарахан көмнөҕүн түһэрэн дьэгдьийдэ М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Күһүн тымныы түһүүтэ сиргэ тохтор саһарбыт мутукча
Нууччалыы Пожелтевшая хвоя в период опадания
Аҕыйах хонукка көмнөҕө суйдаммыт ойуурунан, саҥа кыраһа хаарынан хаамар ама туохха тэҥнээх буолуой? Софр. Данилов. Сороҕор хахсааттаах тыалларым Суоһуран уулары түмэллэр, Көҕөрөн бараммыт тыаларым Көмнөҕүн суолларга тибэллэр. Р. Баҕатаайыскай Күһүҥҥү көмнөх түһэр Я. Семенов Күһүҥҥү саһарбыт мутукча, сэбирдэх сиргэ түһэн тэлгэммитэ, мунньуллубута. Θ Опавшая листва, хвоя, опавший хвойный покров. Марба кур көмнөх тэлгэхтээх үрдүк сис суолун устун баран истэ.
Күндэ
Өссө холобурдар (2)
Ыскамыайкаҕа сыстыбыт былырыыҥҥы кур сэбирдэҕи, көмнөҕү бэрчээккэтинэн сотон, иккиэн сэргэстэһэ олордулар.
Н. ЛугиновСр. бур., халк. үбнэг ‘пороша’; тоф. һөмнүк ‘снег с сильным ветром’
3 этии #
Нууччалыы Густой, обильный снег, идущий хлопьями
Көмнөх хаар - үөһэттэн түһэр хойуу түүтэх хаар Бөһүөнэх көмнөх хаар түһэрэ. Баал Хабырыыс Үрдүгэр көмнөх хаар саба түһэн унаарытара. П. Аввакумов Өлүнньүк көмнөх таҥаһа эргэр. - ким эмэ өлөрүгэр анаан муспут, бэлэмнээбит таҥаһа-саба (былыргы сахаларга оннук үгэс баара). Θ Одежда, заготовленная заранее на случай смерти (старинный обычай у якутов). Тойонуҥ өлүнньүк көмнөх таҥаһын таҥыннын, кэриэс-хомуруос тылы кэпсэттин, кур хоолдьуга кунанын булуннун! ПЭК ОНЛЯ II