Перевод с якутского
уорастый
туохтуур
Нууччалыы быть, казаться гневным, принимать суровый, неприступный вид
1 туохтуур #
Кыыһырбыт, суоһурҕаммыт көрүҥнэн
Нууччалыы Быть, казаться гневным, принимать суровый, неприступный вид
Микииппэр киҥэ-наара холлон, саҥата-иҥэтэ мөлтөөн уорастыйан сылдьар. ЭКС ТБТ. Кэтээн көрүү быһыытынан, эр киһи туохха да ис буолбакка мээнэ уорастыйа сылдьар буоллаҕына, үксүгэр кини эбиэттии илигиттэн буолар эбит. ФВН ТС. Доргууйап кинини [Ньургустаананы] оҕотутан сүрүн баттаары уорастыйдаҕына, бэрики ымыттыбат, дьиппиэн, кытаанах этэ В. Протодьяконов
2 туохтуур #
Киһи кута-сүрэ тохтообот курдук уку-суку, курус көрүҥнэн
Нууччалыы Иметь унылый, угрюмый вид
Халлаан күн-түүн дьэбидийэн, уорастыйан испитэ. Далан Дирбийэн-дарбыйан олорбут улахан дэриэбинэ Уһун Сыһыы чуумпуруоҕунан чуумпурбут, улуутук уорастыйбыт. В. Протодьяконов Балаҕан уорастыйан, уорааннанан түһэн таһырдьатааҕар тымныы, киһи этин-сиинин дьигиһитэ аймыыр атын аҕай көһүүн салгыннаммыт С. Маисов