ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уочарат

аат тыл

Нууччалыы группа людей, вставших один за другим в последовательном порядке с какой-л. целью где-л. (напр., в магазине), очередь; чьё-л. место в таком порядке, черёд. [Миитэрээс:] Уочаратынан бурдугу маныыбыт

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Ханна (хол., маҕаһыыҥҥа), туохха эмэ ким хаһыс, ким кэнниттэн кэлбитинэн бэрээдэктэнэн турар дьон; оннук бэрээдэккэ ким эмэ миэстэтэ

Нууччалыы Группа людей, вставших один за другим в последовательном порядке с какой-л. целью где-л. (напр., в магазине), очередь; чьё-л. место в таком порядке, черёд. [Миитэрээс:] Уочаратынан бурдугу маныыбыт

  • Бу түүн кини маныыр уочарата.
    Амма Аччыгыйа
  • [Паромҥа] Икки сүүнэ “МАЗ” массыына, Эмискэччи, үтүрүйэн, Уочараты көҥү көтөн, Урут киирэ оҕустулар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бородуукта маҕаһыыныгар киирэр ааны бүөлүү иһирдьэнэн-таһырдьанан улуу уочарат. КФА СБ. Никита уочарата чугаһаата. “
    ХС

2 аат тыл #

Улахан тутуу үлэтин сорох бүппүт чааһа, сорҕото

Нууччалыы Отдельный завершённый участок, часть в последовательном строительстве, сооружении чего-л

  • Метро бастакы уочарата уон үс килэмиэтир усталаах буолуохтаах.
    С. Руфов
  • Бу манна [Бүлүү өрүһүгэр] гидростанция иккис уочарата тутуллуохтаах.
    И. Данилов
  • Саҥа суол икки уочаратынан -- тутуллуоҕа. “
    ХС

3 аат тыл #

байыан. Сэрии сэбинэн (хол., бүлүмүөтүнэн, аптамаатынан) тохтоло суох субуруччу ытыы

Нууччалыы Стрельба, залпы, продолжающиеся без остановки определённое время, очередь (напр., пулемётная, группы артиллерийских орудий)

  • Быыстала суох аптамааттар уочараттара тачыгырыыр.
    Н. Якутскай
  • Утары иһэр өстөөххө кылгас уочарат биэрдэ.
    В. Протодьяконов
  • Кини үрдүк хайа анныгар бүлүмүөтүнэн сыалга боевой уочараттары оҥоро сытан таптыыр дьоруойун Чапаев уонна кини доҕорун Петька тустарынан санаан кэлэрэ
    А. Олбинскай

4 этии #

Этиилэр

Ойоҕос тостор уочарата көр ойоҕос

  • Эргэ бэкээринэҕэ килиэпкэ куруук ойоҕос тостор уочарата буолааччы

«У» буукуба