ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ураа

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы выступающая над крышей часть печной трубы, печная труба

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

Оһох турбатын дьиэ үрдүттэн быган турар өттө, оһох турбата

Нууччалыы Выступающая над крышей часть печной трубы, печная труба

  • Оһох ураатын үрдүгэр үрүҥ чыычаах олорор үһү (тааб.). От быыһыттан үүтээн оһоҕун ураата чөҥөчөк курдук хараарар.
    Л. Попов
  • Урааттан кыым төлүтэ ыһыахтыыр.
    В. Потапова
  • Оһох ураатыттан унаар буруо тахсара
    И. Данилов

2 даҕааһын #

суолт. Олус улахан уонна уһун

Нууччалыы Очень большой, огромный и длинный

  • Улуу киһи (хоту киһи) ураа бэргэһэтэ соҕуруу барбыт үһү (тааб.: мамонт муоһа). Уруккутун курдук турар Ураа уһуктаах улуу Кремль.
    И. Чаҕылҕан
  • Бастакы киҥир-хаҥыр саҥарсыыттан ураа мастыы икки аҥыы барыахха диэри араас түбэлтэлэр төрүөт оруолун толоруохтарын сөп
    ПБН ОПТ

3 этии #

Нууччалыы Крупный рогатый скот

Этиилэр

Ураа муостаах

ынах, оҕус сүөһү Лена күөх хочолоругар -- ураа муостаахтар, сыспай сиэллээхтэр хотолдьуһа хаамсаллар.

  • Унаар-мэнээр алааска Ураа муостаах үөрдүһэр.
    И. Эртюков
  • Ураа муостаах тиргиитиир Пиэрмэ ылаа далыгар. В. Миронов
II

4 #

саҥа алл. Кыргыһыыга киирии, улахан үөрүү, өрөгөй хаһыыта

Нууччалыы Боевой клич при атаке, а также восклицание, выражающее общее воодушевление, восторженное одобрение: ура

«У» буукуба