Перевод с якутского
урукку-хойукку
аат тыл, даҕааһын, сыһыат
Нууччалыы прошлое, былое или недавнее прошлое
1 аат тыл #
Урут буолан ааспыт биитэр соторутааҕыта буолбут туох эмэ
Нууччалыы Прошлое, былое или недавнее прошлое
Таптаан, таалалаан үөскээбит Тайаадыйар тайҕабын Уруккутун-хойуккутун, Былыргытын-быйылгытын Түстээн-төлкөлөөн Туойан чугдаарар Күндү күнүм дьэ буолла! С. Зверев Сыана оҕо эппиэтэ хайдаҕыттан, уруккутун-хойуккутун аахсыбакка туран, кырдьыктаахтык туруохтаах.
Н. ЛугиновМөрүөн өрүһү одуулаһар, ол туран уруккуну-хойуккуну аттара саныыр Д. Таас
2 даҕааһын #
суолт. Урут буолан ааспыт биитэр соторутааҕыта, хойут буолбут; урукку биитэр хойукку, соторутааҕы
Нууччалыы Произошедший в прошлом или недавно; былой или недавний, поздний
Урукку-хойукку аттары биэрэбин, урукку табаарыҥ кэлэн-баран хаалбыта. Саха фольк Урукку-хойукку хоргутуһуу туһунан төрүт биһиги аахсыбат дьоммут Эрилик Эристиин
3 сыһыат #
суолт. Урут биитэр хойут
Нууччалыы В прошлом или недавно, поздно
Урукку-хойукку өттүгэр эйигин кытта, саатар кэпсэппэтэхпин уонна ханнык да куһаҕан быһыыны оҥорботохпун хайыҥ туттан туран суруйабын Р. Кулаковскай