ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

урукку

даҕааһын, аат тыл, сыһыат

Нууччалыы относящийся к прошлому; былой, давнишний, давний

English former, previous

1 даҕааһын #

Урут буолан ааспыт кэмҥэ сыһыаннаах; урут, бу иннинэ буола сылдьыбыт

Нууччалыы Относящийся к прошлому; былой, давнишний, давний

  • Былыргы дьылга, урукку күҥҥэ, эргэтээҕи кэмҥэ туох да ис бараана суох балаҕан буолла.
    Саха фольк
  • Биһиги бу да сырыыга эйэҕэстик, үөрэ-көтө көрүстүбүт уонна оҕо эрдэхпитинээҕи урукку доҕордоһуубут улам күүһүрэн, бөҕөргөөн истэ.
    А. Бэрияк
  • Урукку баттыгастаах кэм куһаҕанын арыйар суруйуулар төһө да туһалаахтарын иһин, оччотооҕу уус-уран литература сүрүн соругунан сэбиэскэй былааһы туругурдуспут дьон килбиэннээх уобарастарын ойуулааһын этэ. Софр
    Данилов
Өссө холобурдар (3)
  • Ааспыт, бу кэм иннинээҕи. Θ Прошлый, прежний, бывший. Литература урукку үлэлэрин сыаналыырга кинилэр история хайа кэмигэр-кэрдиитигэр суруллубуттара хайаан да аахсыллыах тустаах.
    Амма Аччыгыйа
  • [Уолаттар:] Чэ, кэбис, урукку өспүт-сааспыт хааллын, аны доҕордуу-атастыы буолуохпут.
    Суорун Омоллоон
  • Кырдьаҕас билигин даҕаны урукку эрчимиҥ баар эбит
    С. Ефремов

2 сыһыат #

суолт. Урут буоларын курдук; бу иннинэ, былыр

Нууччалыы Как и прежде; прежде, давно

  • Оо, бу киһи кырдьыбат да эбиккин, уруккугунуу сыыдамҥын, үөрүнньэҥҥин. Софр. Данилов. [Лэкиэс:] Дьэ, Ааныка, итинник эрэ буолуо дии санаабатаҕым, уруккум курдук куттаан, көрдөһүннэрэн тылбар киллэрээри гыммытым.
    С. Ефремов
  • Мин урукку өттүгэр дьон-норуот иннигэр тыл этэн, дакылаат оҥорон көрө илик этим
    А. Бэрияк

3 аат тыл #

суолт. Урут буолан ааспыт, бу иннинээҕи кэм; урут буолбут туох эмэ (хол., сабыытыйа)

Нууччалыы Прошедшее время; что-л., произошедшее в прошлом (напр., событие), прошлое

  • Харытыана аны уруккута буолбатах, төһө да саҥата суох ньимийэн сырыттар, син ону-маны өйдүүр буолбута.
    П. Ойуунускай
  • Биһиги уруккулары кытта аат былдьаспаппыт, кинилэр айаннарын салҕаан баран иһэр дьоммут.
    Амма Аччыгыйа
  • Урукку эйигин эккирэтэр, хас хардыыҥ аайы тоһуйа сылдьар.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Табалар уҥуохтарынан оноҕос, үҥүү оҥостубута, ол кэннэ бэрэбиэркэлээн көрбүтэ, онтуктара уруккулардааҕар олус сытыы буолан биэрбиттэрэ. Эвен фольк

«У» буукуба