Перевод с якутского
урутаа
туохтуур
Нууччалыы опережать, быть впереди
1 туохтуур #
Ким, туох эмэ иннигэр түс, инникилээ, бастаа
Нууччалыы Опережать, быть впереди
Эн урутууруҥ наадатыгар тугу ситистэххинэ сатанарый? В. Яковлев Ипподром арҕаа баһынааҕы өҕүллүүгэ мин атым урутаан кылбас гынан таҕыста. И. Семёнов Кус бииһиттэн, биллэн турар, көҕөн урутуо, маҥнай тахсыбыт ууга кини бэйэлээх маатыргыа И. Никифоров
2 туохтуур #
Ким эмэ иннинэ, бастакынан олох олорон бүт, өл (хол., кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ)
Нууччалыы Скончаться, умереть первым (напр., один из супругов)
Эн биһикки түөрт уон сыл Эйэлээхтик олорбуппут. Эмээхсиним эрэйдээх, Эн урутаан бардаҕыҥ … Күннүк Уурастыырап Бииргэ өйөһөн олорон бүттэхпит ити, эн урутаатыҥ. П. Аввакумов Хомойуох иһин, Любовь Фёдоровна Николай Егоровиһы хас да сыл иннинэ урутаан хомоппута даҕаны, улаханнык суохтаппыта даҕаны М. Чооруоһап