ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

урут

сыһыат

Нууччалыы прежде, раньше, до того

English before, beforehand, formerly, previously

Ис хоһооно · 5
I

1 сыһыат #

Урукку кэмҥэ, бу иннинэ

Нууччалыы Прежде, раньше, до того

  • Кини урут Иркутскайдааҕы уу ыстаансыйатын тутуутугар үлэлээбит.
    Суорун Омоллоон
  • Урут Лизаны кытта күүлэйдии сылдьан олорон кэпсэппит томторугар сытан эрэн, оччотооҕу кэрэ чаастарын ымпыгар-чымпыгар тиийэ аттара санаабыта.
    Д. Таас
  • Урут Үчүгэйгэ биир эмэ саха балаҕана онно-манна бытанан олорор буолара
    Н. Заболоцкай

2 сыһыат #

дьөһ. суолт. Кэм сыһыанын бэлиэтээн, хайааһын кимтэн, туохтан эмит инники оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении кого-чего-л., раньше которого совершается действие (раньше, прежде)

  • Мариса урут сүүрэн тиийэн, дьиэтин айаҕын тэлэйэ баттаата.
    Эрилик Эристиин
  • Ким урут солоон бүтэрбит киһини испииһэктээн иһэр дуоската оҥоруохха.
    М. Доҕордуурап
  • Оннооҕор игирэлэртэн урут түспүт убай буолар
    М. Чооруоһап

3 этии #

Нууччалыы Преднамеренно опережать кого-л. в каком-л. деле, в осуществлении чего-л

Этиилэр

Урут түс

ким эмэ тугу эмэ гыныахтааҕын быһа түһэн, бастакынан оҥоро сатаа Урут түһэн, аатыра охсоору гынар буоллаҕыҥ буолуо.

  • Ордук дьон буолан, урут түһэн аһата оҕустахтара дии. "Чолбон". Охоноос урут түһэн этэн кэбистэ. "ХС"

4 этии #

Нууччалыы Давнопрошедшее время глагола

Этиилэр

Урут ааспыт кэм

хайааһын саҥарыах быдан иннинэ буолбутун көрдөрөр кэм Урут ааспыт кэм буолар халыыба -быт, буолбат халыыба -батах сыһыарыынан үөскүүр.

  • ФГГ СТ.

Урут сыһыат туохтуур

сүрүн хайааһын буолуон иннинэ оҥоһуллар хайааһыны көрдөрөр туохтуур халыыба.

Деепричастие.

  • Урут сыһыат туохтуур олус киэҥник туттуллар, онон ардыгар этиигэ хас да төгүл субуруччу туруон сөп. ФГГ СТ. Урут түс –бастакынан бар, айаннаа. Идти, уходить, ехать первым. Бастаабатахпына, кини бастыа, урут түспүт арыый барыстаахха дылы буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Атын ыҥыырдыы турдаҕына, ыалга сылдьыам диэн баран, урут түһэн кэбистим. "Чолбон". Өрүс уута манан сатала суох синньиир эбит, аара хас да борохуоту ситэн урут түстүбүт. "Күрүлгэн"
II

5 #

тыаһы үт. т. Мороду саҥатын үтүктүү

Нууччалыы Подражание голосу чирка-клоктуна

  • Ол быыһыгар атыыр мородулар саҥалара "урут-урут" дэтэлээн ылаллара.
    С. Васильев
  • "Урут-урут", – диэн үрүтүн үөһэ этэн-тыынан, кутан-симэн кэбистэ мороду
    Р. Кулаковскай

«У» буукуба