Перевод с якутского
ускуопка
аат тыл
Нууччалыы знак препинания в виде отвесной черты (закруглённой, квадратной, прямой), скобка
1 аат тыл #
тыл үөр. Тыллары, этиини хос быһаарарга икки өттүттэн күрүөлүү тардан араарар туруору бэлиэ (хол., төгүрүк, кыбадыраат, көнө)
Нууччалыы Знак препинания в виде отвесной черты (закруглённой, квадратной, прямой), скобка
Бу үлэҕэ сорох эргэрбит тыллар суолталара ускуопка иһигэр хос быһаарыллан сурулунна. ВВЕ СТИ. Ускуопка этии иһигэр тэнийбит даҕаамыр, кыбытык этиилэр таарыйа ахтан аһарыы быһыытынан киирбиттэрин бэлиэтииргэ туттуллар. ЧМА СТС СЭ. Холбуу тыллары өлүүскэлэргэ араартаан устуҥ, ускуопкаҕа кылгатыллыбыт холбуу тыллар толору пуормаларын нууччалыы суруйуҥ. ПНЕ СТ
2 аат тыл #
мат. Биир кэлим алгебраическай бэлиэлэри холбуур бэлиэ
Нууччалыы Математический знак, объединяющий алгебраические знаки, скобка
Ускуопка иһигэр баар чыыһылалар дьайыылара урут оҥоһуллар. БАН А. Ускуопка иннигэр эбии бэлиэтэ турар буоллаҕына, ускуопка иһигэр турар эбиллээччилэри хас биирдиилэрин бэлиэлэрин уларытыллыбат. ВНЯ М- 4