ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

успуорт

аат тыл

Нууччалыы занятие спортом, спорт

1 аат тыл #

Эти-хааны сайыннарар, чэбдигирдэр эрчиллиилэр, оонньуулар, онон дьарыктаныы

Нууччалыы Занятие спортом, спорт

  • Дьон олус диэн үөрдүлэр-көттүлэр, сэргэхсийдилэр, успуорка умсугуйуулара өссө оргуйан эрчимирэр.
    Суорун Омоллоон
  • Физкультуранан, успуордунан дьарыктаныы оҕоҕо уонна ыччакка тулуурдаах, дьаныардаах буолуу курдук сыаналаах хаачыстыбалары иҥэрэр. Дьиэ к. Билигин биһиги суок, мороженай атыылааһыны, сынньалаҥ, успуорт зоналарын тэнитиэхтээхпит
    Кыым

2 этии #

Ат успуорда спорт. – аттары бэлэмнээн (баайан) сүүрдүү, күрэхтэһиннэрии Кини урут ат успуордунан үлүһүйэн дьарыктаммыт биллиилээх спортсмен этэ. Тумарча. Вихрь, Сиэдэрэй, онтон да атын аттары өрөспүүбүлүкэҕэ ат успуордун таптааччылар билэр буолуохтаахтар. "ХС".

Нууччалыы Конный спорт

Этиилэр

Успуорт дыбарыаһа

успуордунан дьарыктанааччыларга, күрэхтэһиилэри ыытарга аналлаах тэрилтэ, ол тэрилтэ дьиэтэ.

Дворец спорта.

  • Сарсын успуорт дыбарыаһын аһыллыыта буолар. Уол успуорт дыбарыаһыгар дьарыктана барда.

Кини тириэньэрэ

өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС успуордун маастара Никиитэ Кустуурап.

  • Бастакы эргииргэ Чурапчы үөрэнээччитэ аатырбыт успуорт маастара Максим Тихоновы баалынан сабырыйбыта.
    Е. Неймохов
  • Манна уопсайа биэс уон икки бөҕөс, ол иһигэр тоҕус успуорт маастара күөн көрүстүлэр. "Кыым"

«У» буукуба