ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оонньуу

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы игра; забава, шутка

English gerund of оонньоо

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Сүүрэн-көтөн көрүлээһин, тугу эмэ гыммыта буола саатааһын

Нууччалыы Игра; забава, шутка

  • Онтон эрдии-ойохтуу иккиэн дьиэлэригэр сиэттиһэн киирэн бардылар да, иккиэйэх бэйэлэрэ сүүрбэ-отут киһи оонньуутун оонньоон олордулар
    Саха фольк

2 аат тыл #

Сынньалаҥ, көр-нар, биэчэр, оонньуу

Нууччалыы Отдых; веселье; вечеринка

  • Оонньуу буоларын Ордук сураатылар. Үҥкүү буоларын Үөрэ иһиттилэр.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Эмиэ ыһыах, оонньуу, көр-нар Туймаадаҕа ньиргийбитэ. Эллэй. Оҕонньор оонньууну, көрү-нары таптыыр, Уйбаачаан аттыгар кэлэн олорон, хормуоска тыаһын иһиллэһэр, уолу кытта хаадьылаһар
    М. Доҕордуурап

3 аат тыл #

Дырааманы сценаҕа оонньоон көрдөрүү (үксүгэр самодеятельнай артыыстар тустарынан этэргэ)

Нууччалыы Спектакль, постановка

4 аат тыл #

тыйаатыр. Сценаҕа оонньонор, туруоруллар айымньы биир төгүлэ

Нууччалыы Действие, акт

  • Маҥнайгы оонньуу иккис хартыынатын оонньуур сирэ
    С. Ефремов

5 этии #

Этиилэр

Оҕо оонньуута буолбатах көр оҕо

  • Туман сапта харахпын.., Сүрэҕим хаһыытаата. Ийэ дойдуттан арахсыы Оҕо оонньуута буолбатах. С. Данилов

6 этии #

Этиилэр

Атах оонньуута көр атах

  • Атах оонньууларыгар күрэхтэһии интэриэһи тарта. В. Сыромятников

«О» буукуба