Перевод с якутского
утар
туохтуур
Нууччалыы противостоять; противоречить; противиться
English to oppose, to contradict, to be against
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Нууччалыы противостоять; противоречить; противиться
English to oppose, to contradict, to be against
(to endure, to tolerate)
2 туохтуур #
Кими, тугу эмэ кытта сөбүлэһимэ, сөбүлэспэккин биллэр
Нууччалыы Противоречить кому-чему-л., перечить, возражать
Онтон-мантан сэмэй соҕустук утарар саҥалар иһиллитэлээтилэр. Амма Аччыгыйа Яков Андреев мунньахха бөһүөлэги Лоҥкуудаҕа көһөрөрү утарбыта, оннооҕор Степановы кытта мөккүспүтэ. М. Доҕордуурап Мин онно тугу эрэ утарыах курдук тыл була сатыы турбутум баара, миэхэ дьонум саҥардыах бокуой биэрбэтилэр Н. Заболоцкай
3 туохтуур #
Кими, тугу эмэ кытта сөбүлэспэккэ өрөлөс, хардары тугу эмэ оҥор
Нууччалыы Быть против кого-чего-л., противодействовать
Ол да иһин үтүө санаалаах эдэр ыччат баайы-тоту утаран, көскө баран эрэйи көрөллөр. Эрилик Эристиин Куһаҕан Ньукулай уола күн ыраахтааҕыны утарбытын иһин, нэһилиэк кырдьаҕастара күбүрүнээтэр тойоҥҥо үҥсүү түһэрбиттэр. М. Доҕордуурап Хара санаалаах хаһан да кыайтарар, улууну, кэрэни утарбыт төһөҕө да умсар Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Хардары дьайыыта оҥор (хол., сэрии кэмигэр). Θ Противоборствовать, противодействовать (напр., во время войны). Томтор тэллэҕиттэн тааҥканы утарар саалар тыастара бачыгыраабыта. ИИФ ИДЫК. Сэтинньи ыйга Воронеж фронун ротатын тааҥканы утарар бүлүмүөт сэттэ киһилээх биригээдэтигэр хамандыырынан анаммыта ХС
4 этии #
Нууччалыы Выразить возражение открыто, с глазу на глаз
Этиилэр
Аһаҕастык утар
толлубакка саҥаран-иҥэрэн, утары көрөн олорон сөбүлэспэккин биллэр Улахан төрүттээх-уустаах үрдүкү тойотторго баһын бэриммэккэ, кинилэр киэбирэллэриттэн дьулайбакка, аһаҕастык утарар. Болот Боотур. Дьөгүөссэ ити, Артур Уордаахап олохтоох саха боруодата сылгыны ууһатыыны итэҕэйбэтин, аһаҕастык утарарын даҕатан эттэ. В. Протодьяконов. Утарар албас спорт. – хапсаҕайга: утарылаһааччы охторор албаһы оҥоруон иннинэ, түргэнник куотар ньыма.
В якутской национальной борьбе "хапсагай": приём, где спортсмен устраняет атаку, прежде чем противник делает попытку свалить его.
Өттүктээһиҥҥэ утарар албас сөптөөх түгэҥҥэ эрэ табыллар. АГГ ХТ
Утарар ситим тыл
утарыта суолталаах тыллары эбэтэр этиилэри холбооттуур ситим тыл: оттон, да.
Противительный союз.
Утарар ситим тылы булан аннынан тардыҥ