ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өһөс

даҕааһын, туохтуур, аат тыл

Нууччалыы упрямый

English stubborn, obstinate; stubborn

Ис хоһооно · 8

1 даҕааһын #

Нууччалыы упрямый

English stubborn, obstinate; stubborn

  • өһөс торбос моонньо быстар
    упрямый телёнок порезал себе шеюthe stubborn calf cut its neck

2 туохтуур #

Нууччалыы упрямиться

English to be stubborn

  • тоҕо өсөһөҕүн?
    почему ты упрямишься?why are you being stubborn?

3 туохтуур #

Нууччалыы противостоять; сопротивляться

English to oppose, to resist

  • (to endure, to tolerate)
I

4 туохтуур #

Киһи этэрин истибэт, киһи тылыгар киириммэт майгылаах буол

Нууччалыы Упрямиться. [Алааппыйа:] Бу манан эмиэ иҥэрэн кэбиспит

  • Дьэ үчүгэй сордоох доҕор! Соруйан өсөһөн дьаабылыыра буолуо.
    А. Софронов
  • Өһөстөрбүн даҕаны, соҕотоҕун хаалан баран, кырдьыга, улаханнык кыраҕыйбытым
    Далан

5 этии #

Өһөс да чирэс - хайаан даҕаны Өһөс да чирэс, мантан антах мин анаан эйигинэн дьарыктаныам. Софр. Данилов. Ср. алт., кирг. өчөш ‘злобствовать, сердиться’

Нууччалыы Непременно, несмотря ни на что, чего бы это ни стоило; во что бы то ни стало (букв. упорствовать и упираться)

II

6 даҕааһын #

Киһи этэрин истибэт, ылыммат, киһи тылыгар киириммэт

Нууччалыы Упрямый. Кини санаатыгар тамыйахпыт өһөс, ынахпыт тэбиик эҥин үһүлэр. Н. Неустроев. Өрүү ымманыйа ордук саныам Албын тылы биирдэ да эппэтэх, Эрэйгэ иннин биирдэ да биэрбэтэх, Өлүүтүгэр өлөн да баран өлбөтөх, Өҕүллүбэт өһөс киһини. С. Данилов

7 аат тыл #

суолт. Өһөс быһыы-майгы, киһи тылыгар киириммэт, киһи тылын ылыммат быһыы-майгы

Нууччалыы Упрямство. [Маайа:] Сорох ардыгар өһөспөр араас айыыны оҥостуохпун саныыбын, син биир балыйалларын курдук балыйыа этилэр

  • Аны дьукаах булуммакка, Адьас собус-соҕотоҕун, Өсөһүгэр, ыал буолан, Өтөҕүгэр олорбута.
    Күннүк Уурастыырап
  • "Ити! – Ларьяна күллэ. Мин эппитим кэллэ дии: Эн биһикки иккиэн улуу өһөстөрбүт"
    Р. Баҕатаайыскай

8 этии #

Өһөс хаанын киллэрбит (хааннаммыт) - наахара хаанын киллэрбит диэн курдук (көр наахара). Тогойкин булгуччу аккаастанар, бэйэтин хаатыҥкаларын көрдүүр санаанан, өһөс хаанын киллэринэн олордо. Амма Аччыгыйа. Ср. алт. өчөш ‘зловредный’, хак. өчес ‘упрямство, упрямый’

«Ө» буукуба