Перевод с якутского
нэс
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы неуклюжий, медлительный
English stubborn
1 даҕааһын #
Бытаан айаннаах, сыылба (көлөнү этэргэ)
Нууччалыы Неуклюжий, медлительный (о рабочем быке, лошади)
Нэс саадьаҕай оҕус, бэрт бытааннык сыарҕатын соһон дьүккүтэн, өрүс сыырын дабайбыта. Н. Якутскай Саһаан маһы тиэйбит, бараан сонноох киһи нэс аты сиэтэн сосуһар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кинилэргэ бэйэтэ да олус нэс ат түбэспит Н. Заболоцкай
2 даҕааһын #
Бытаан, улгума, сыыдама суох, сыылба
Нууччалыы Медлительный, неловкий, неповоротливый, тяжелый на подъем
Уулаах [киһи аата] нэс муҥутаан, ол аайы түрдэстэн, хап-сабар, барыны бары кэпсээн барбата. Эрилик Эристиин Үөрбүтүн иһин күлбэт, кыыһырбытын иһин саҥарбат, тиэтэйбитин иһин сүүрбэт - ааттаах нэс киһи. М. Доҕордуурап Туттарыттан-хаптарыттан көрдөххө, кини бытаан-нэс курдук. ДФС КК
Өссө холобурдар (2)
Сорох аты кымньыылаа - бууса нэһигэр түһээччи.
Л. ГабышевКинилэр өлбөөркөйдөр - нэстэр, сыылбалар, көҕө суохтар, кыра ычалаахтар -- күннээҕи кыһалҕанан сылдьааччылар, муҥур дьоннор - син биир сир үрдүгэр, уопсастыбаҕа баалларын курдук бааллар ПБН ОПТ
3 аат тыл #
суолт. Бытаан, сыыдама суох, сыылба ким, туох эмэ
Нууччалыы Тот, который отличается медлительностью, нерасторопностью, тяжелый на подъем. [Миитэрэй] ол курдук нэһи сэргэхситэр, улугу уһугуннарар, көрдөөх тыллары бэрт дөбөҥнүк этэн кэбигирэтэн кэбиһэр