Перевод с якутского
кыр
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы подражание резкому треску, хрусту нетолстого хрупкого предмета
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
тыаһы үт. туохт. Туох эмэ чараас, хатан предмет (хол., түннүк тааһа, чараас муус) эмискэ быһа барар, үлтү ыстанар тыаһын үтүктүү
Нууччалыы Подражание резкому треску, хрусту нетолстого хрупкого предмета (напр., стекольного листа, тонкого льда)
Түннүк тааһа кыр гынна
2 даҕааһын #
даҕ
Тыйыс да, модун да туманнаах бэйэкэҥ, Кыр мууһуҥ кырылаан, атахпар сытаҕын. Болот Боотур Уйаларын арыйбыта кыр курдук манньыат буолла. Т. Сметанин Үөһэттэн аллара кырылыы Тохтоллор көһөҥө, кыр таастар. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Кыр кумахтан өтүү хатар, устар ууну сомоҕолуур аптаах тыллаах, илбистээх санаалаах буоллун ХС
3 даҕааһын #
Бытархай, үлтүркэй; тохто сылдьар, бытархай
Нууччалыы Мелкий, мелкозернистый, рассыпчатый, сыпучий
4 #
кыр өс - олус хабараан, эйэлэспэт өс
Нууччалыы Непримиримая, ярая вражда
Дьэ, хата, урукку олоххо кыр өһүн биллэрбитинэн сылдьар киһи. Амма Аччыгыйа Мин түмнүм ол дойдум ынчыгын, хараҕын ууларын самыырын, Батталга кыр өһүн, кырыыһын, көҥүлгэ тапталын кыымнарын. Эллэй; кыр өстөөх - эйэлэспэт, хаан өстөөх. Θ Заклятый, ярый враг. Хайа кэмтэн саҕаламмыта, туохтан төрүттэммитэ биллибэт да, кинилэр [Уйбаныаптар] кыр өстөөхтөр. Амма Аччыгыйа Мантан ыла Саһыл Эһэлиин кыр өстөөх буолтара үһү.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
Киһи-аймах кыр өстөөҕө - фашизм бүтэһиктээхтик урусхалланыар диэри буойун илиититтэн аптамааты ыһыктыбакка сэриилэспитэ. "Кыым"; кыр этиһии - дьаныардаах, өһүөннээх тохтообот этиһии. Θ Громкая, отчаянная ссора, спор, скандал. Мунньаҕы бэрээдэктээх соҕустук ыытан иһиэххэ. Күн ыраахтааҕы көмүскэлигэр ааттаах буолан баран, кыр этиһиинэн айаннаан иһэбит. М. Доҕордуурап Ср. туркм. кыр 'душман ярый враг'; туркм. кыр 'чужой, дикий'