ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чараас

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы неплотный, неглубокий (о снеге); тонкий (напр

Ис хоһооно · 10
I

1 даҕааһын #

даҕ

  • Түннүктэригэр чараас соҕус дьэҥкир муустары ылан уурталабыттар.
    Күндэ
  • Наһаа чараас лэппиэскэни сииллэр эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Чараас кыраһа хаарга сүүнэ тыс этэрбэстээх киһи хаампытын курдук атах суоллаах эһэ барбыт
    Болот Боотур

2 даҕааһын #

Халыҥа суох

Нууччалыы Неплотный, неглубокий (о снеге); тонкий (напр., о куске хлеба)

3 даҕааһын #

Халыҥа суох матырыйаалтан оҥоһуллубут

Нууччалыы Изготовленный из нетолстого, неплотного материала

  • Чараас хаптаһын ааны күүскэ тоҥсуйан тобугуратар.
    Н. Лугинов
  • [Эһэ] чараас тимирдээх сааны хам ыстаан баран тииккэ охсубут.
    Т. Сметанин
  • Чараас өстүөкүлэ эркиннээх маҕаһыыннар кимнээҕэр "быр" курдуктар [сылаастар].
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Нуучча чараас бакаалын Ойуутуттан да атын
    ХС

4 даҕааһын #

Намчы, хатыҥыр (хол., киһи саннын этэргэ)

Нууччалыы Истончённый (напр., о лопатках человека). [Удаҕан] Айыы бухатыырын Икки чараас саннын икки ардынан Дьөлө көрөн олордо

  • Сылаас кэмҥэ кэтиллэр, халыҥа суох (таҥнар таҥаһы этэргэ). Лёгкий, неплотный (об одежде). Туруору саҕалаах, түөһүгэр киэргэтиилээх, сырдыктыҥы чараас былаачыйалаах.
    Н. Лугинов
  • Кини чараас болтуотун уста биэрэн, кууллаах эһэтин оҕотун суулаата.
    Н. Заболоцкай
  • Чараас таба саҥыйахтаах, тыс этэрбэстээх хатыҥыр эбэҥки наарта дуҕатыттан тутуһан, сүүрэн-хааман бадьаралыыр. Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)

5 даҕааһын #

Сэдэх мастаах, ыраахха диэри тайаабат (тыаны этэргэ)

Нууччалыы Негустой, редкий (о лесе)

  • Күөл уҥуоргу өттүгэр чараас титирик тыа улаҕатыттан сыгынньах хайа төбөтө чөмчөйөн көһүннэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Уулаах [киһи аата] биир чараас тыаны мүччү түстэ.
    Эрилик Эристиин
  • Мин чараас арыы тыаны быыһынан сөтүөлүүр сирдэригэр уонна онтон күөлү кыйа дьаарбайа сырыттым
    А. Бэрияк

6 даҕааһын #

Курдары дьэҥкэрэн, сырдаан көстөр (хол., туман, былыт, буруо)

Нууччалыы Негустой, прозрачный (напр., о тумане, дыме, облаке)

  • Уу үрдэ көстөр-көстүбэт чараас тумарыгынан бүрүллүбүт. Софр. Данилов. Илин диэки дьайҕарбыт чараас былыт сардаҥа уотунан кытара кыыста.
    Н. Заболоцкай
  • Хайалар кирдээх сирэйдэрин -- Саптылар чараас туманнар
    Дьуон Дьаҥылы

7 этии #

Этиилэр

Дьахтар эр киһи буолбатах

Сүрэҕэ чараас, уйаҕас, Тулуйа сатаатым, кыамматым, Дууһабын аһыахпын баҕардым.

  • Кырдьан дуу, хайаан дуу, оҕо туһугар сүрэҕим чараас.
    С. Ефремов
  • Икки таптаһар дьон сүрэхтэрэ чараас, чуор буоларынан, Күндэли Куо доҕорун ити санаатын сүрэҕинэн өтө таайа охсубута.
    Д. Апросимов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС йараш ‘приятность, красота’, тув. чаргаш ‘перепонка’, чараш ‘изящный’
II

8 аат тыл #

, харыс т

  • Тайах чарааһынан оҥоһуллубут мөһөөччүгү кыыс сүөрэн чокуур тааһы уонна кыаны хостообута.
    Далан
  • Балаҕан түннүктэрэ сүөһү кэнэҕэскитинэн, чарааһынан, туоһунан, тымтыгынан сайыҥҥы кэмҥэ сабыллаллара
    БСИ ЛНКИСО-1994

9 аат тыл #

Киһи, сүөһү, кыыл хабаҕа, хабах

Нууччалыы Мочевой пузырь

10 аат тыл #

Оҕус хабаҕыттан тигиллибит саппыйа

Нууччалыы Мешочек из бычьего пузыря

  • Чараас иһигэр бүргэс баппат (өс хоһ.). [Бырдаахап:] Оо, бу үтүө да хотун барахсан мөлбөйөн олорор. Аҥаар илиитигэр чараастаах харчытын бөлтөччү тутан олорор.
    Н. Неустроев
  • [Мэнигийээн:] Эн мин чараастаах тууспун ыл. Саха ост. I
    I. Ср
  • тув. чаргаш ‘перепонка’

«Ч» буукуба