Перевод с якутского
хабах
аат тыл
Нууччалыы пузырь
English bladder
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Киһи-сүөһү организмыттан тахсар убаҕас мустарыгар биитэр балыктарга усталларыгар туһалыыр чараас мөһөөччүктүҥү уорган
Нууччалыы Пузырь (мочевой, плавательный)
Иик быыстала суох үөскээн, синньигэс туруупка устун хабахха мунньустар. СИиТ. Маатка түргэнник оннугар түһэригэр сөп буола-буола хабаҕы босхолуур улахан суолталаах. ТЕН ИДь. Балаҕаннарын түннүгүн сайынын от кыла сиэккэнэн биитэр балык хабаҕынан тардаллар эбит ДСИТ
2 аат тыл #
Сүөһү, көтөр-сүүрэр ииктиир, балык устар уоргана инчэҕэй эрдэҕинэ үрүллэн хатарыллыбыта (тугу эмэ угарга, кутарга аналлаах)
Нууччалыы Высушенный в надутом виде пузырь животного, птицы, рыбы, предназначенный для хранения чего-л
Кырбый [киһи аата] кэһиитин улахан тууйаска сүөгэй уонна оҕус хабаҕын толору курупчаакы бурдук аҕалбыт. И. Гоголев Биһиктэр үрдүлэринэн сүөһү хаппыт хабахтарын ыйаан күлтэтэллэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Күһүн эбэм улар хабаҕа мөһөөччүктэри сабынан баайан балаҕан өһүөтүгэр ыйаталаата С. Маисов
3 аат тыл #
Убаҕастан быыһылаан үллэн тахсар салгын эбэтэр ханнык эмэ гаас дьэҥкир төгүрүгэ
Нууччалыы Пузырьки воздуха или газа
Буордаах уу үрдүгэр аата-ахсаана биллибэт үгүс хабахтар көбөн сыыгынастылар. Амма Аччыгыйа Долгун хабах курдук, үрүҥ күүгэнинэн үллэ-үллэ уостубута. Л. Попов Саҥардыы оргуйан хабахтар көстүөх курдук буоллулар да, кисиэли үөһэ тардыллар. ФВН ТС
4 этии #
Нууччалыы Не иметь возможности свободно высказывать свои мысли, ходить по одной половице (букв. дышать в пузырь)
Этиилэр
Биир хаáахха тûûн көр биир
Ол дьоннор куомуннаһан, биир хабахха тыыналлар.
Хабахха тыын
кимтэн, туохтан эмэ мэһэйдэтэн бэйэҥ санааҕын кыайан этимэ Тойонноруттан куттанан хамначчыттар хабахха тыына сылдьаллара, кини баарына ордук-хоһу саҥарбат этилэр.
"Чолбон".
Хабахха тыыннар көр тыыннар
Барыны бары билэн түһэҥҥин, аны хабахха тыыннара сылдьарыҥ буолуо. Болот Боотур Оттон манна киһини барытын хабахха тыыннарыахтыы дьаабыламмыттара дии. Е. Неймохов
5 этии #
Нууччалыы Пояс из заячьей шкуры, защищающий мочевой пузырь от холода
Этиилэр
Таас хабах көр таас I
Таас хабах хайаҕа баар буолар.
Хабах таҥаһа
ыҥыырга олорор киһи хабаҕын курдуу сабар куобах тириитэ таҥас Силип барарга тэринэн уллук сутуруо, хабах таҥаһа кэппитэ.
Былыр ыҥыырдаах атынан ыраах айаҥҥа барар дьон хабах таҥаһа диэни кэтэллэрэ. "Чолбон".
Хабах хаппар
урут сахалар сүөһү, сылгы хабаҕын имитэн, таҥаһынан, сарыынан бүүрүктээн, айахтаан оҥорор, бытархай малларын угар дьоҕус суумкалара.
В старину у якутов: сумочка для мелочи, изготовленная из выделанного мочевого пузыря крупного рогатого скота, отделанная тканью, сыромятью.
Күннэтэ туттуллар малга-салга хабах хаппара эмиэ киирсэрэ. НБФ МУу СОБ. ДТС хавух, тюрк. ковук