Перевод с якутского
Кыра
даҕааһын, аат, аат тыл
Нууччалыы карлик
English dwarf
Ис хоһооно · 16
1 даҕааһын #
Нууччалыы карлик
English dwarf
кыра планета карликовая планетаdwarf planet
2 даҕааһын #
Кээмэйинэн аччыгый, дьоҕус
Нууччалыы Маленький (по размеру, объему, габаритам)
Кыра дьиэ. Кыра дьааһык. Кыра тоһоҕо. Кыра күөл. Бэс чагда кэриитигэр үчүгэй баҕайы кыра бөһүөлэк көһүннэ. И. Данилов Бүөтүр сарсыарда эрдэ турда. Аа-дьуо аһаан, атын уулатан, от быраҕан биэрэн баран, кыра баҕайы сааны сүктэ Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (4)
Хааларга, ааһарга, кыраҕа Хаһан да кыыһырсар буолумуох! П. Тобуруокап Оо, алдьархайга киирэр кыраттан да буолар эбит!
Суорун ОмоллоонБука, кыраттан киирсибэтэх дьон буолуо. И. Никифоров Арыт киһи кыраттан Соҥуйар, сүөм түһэр Баал Хабырыыс
3 даҕааһын #
Уҥуоҕунан улахана суох, намыһах (үксүгэр киһини этэргэ)
Нууччалыы Небольшого роста, невысокий (обычно о человеке)
Бу киһи Кыра Уйбаан кыратын көрүмэҥ, бэйэтин биэһинэн таһымныыр киһи. Амма Аччыгыйа Бэйэтэ сүрдээх хачаайы, уҥуоҕунан кыра, күрэҥсийбит астаах эбит И. Данилов Оҕолоругар олус бэрт, Кыраларыгар кытыын бэрт.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (5)
[Ыстапаанньыйа:] Бэйи, кыраларгын олус куттаама. Н. Неустроев Кыраттан кыйахаммат, кыраларыгар кыыһырбат; Дуона суохха долгуйбат, Дьонугар суоһурҕаммат Р. Баҕатаайыскай Кыаммат-түгэммэт, дьадаҥы дьон (урукку тойотторго сыһыаннаан этиигэ, билигин элэк.). Θ Беднота (по отношению к бывшим тойонам, сейчас - ирон.), те, кто ниже по положению. [Балыксыт:] Кыраларгын үөҕэ-мөҕө сылдьарыҥ, тойон, көҥүлүҥ буоллаҕа дии.
П. ОйуунускайКыайарын билэн бу тойооску Кыраларга наһаа дьохсойооччу. Болот Боотур Ср. монг. киру 'разрезать на мелкие куски'
4 даҕааһын #
Улаата илик; аҕыйах саастаах (оҕо)
Нууччалыы Маленький, малолетний
Кыра оҕо. Кыра кыысчаан. Кыра баҕайы сылдьаммын биир сайын бар дьон саллаакка тутуур дии-дии айманалларын, ытаһалларын көрөр этим Амма Аччыгыйа Ыччат, төрүөх (сүөһү). Θ Молодняк. Кэнчээринэн дьүүкээрбит сүөһүлэри, ордук кыра төрүөхтэри, аһаттылар. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Чээн, кэбис, кырата бэрт, улааттаҕына уучах оҥостоор. Н. Тарабукин (тылб.)
5 даҕааһын #
Бииргэ төрөөбүттэртэн балыстара; саамай (кыралара) кэнникилэрэ
Нууччалыы Младший по возрасту (по отношению к единоутробным); самый младший ребенок. [Дьаакып:] Ээ, кэммитинэн олоробут
Арай кыра уолбун баҕарара бэрдин иһин оскуолаҕа ыытаары гынабын. А. Софронов Аармыйаҕа сылдьар кыра уолуттан сурук кэлэн тоһуйбут. Софр. Данилов. Мин саамай кыра уолларабын Амма Аччыгыйа
6 даҕааһын #
Аҕыйах ахсааннаах
Нууччалыы Немногочисленный
Кыра харчылаах. Кыра бултаах
7 даҕааһын #
Күүһэ суох, мөлтөх
Нууччалыы Слабый, слабосильный
Кыра долгуннаах. Бүгүн кыра тыаллаах. Күһүҥҥү им балай, ыас хараҥа. Тыа баһа тыаһыыр, кыра соҕус тыал түспүт.
КүндэКыра соҕус ардах түһэн барда, хараҥарда Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Симик, бүтэҥи (саҥа, ырыа, тыас). Θ Негромкий, тихий (о голосе, смехе и др.). Кини кыра саҥалаах, наҕыл киһи этэ С. Васильев
8 даҕааһын #
Улахан суолтата суох
Нууччалыы Незначительный, неважный
Балтыбыныын, бырааппыныын үһүө буолан ханнык эрэ кыра наадаҕа эргэ балаҕаҥҥа бардыбыт. Т. Сметанин [Киирик:] Ол мин эрэйим диэн кыра суол. С. Ефремов Бирикээсчик да буолар кыра дьыала буолбатах Д. Таас
9 даҕааһын #
Тиийиммэт-түгэммэт, дьадаҥы, кыаммат
Нууччалыы Неимущий, нищий, обездоленный (человек, люд, народ)
Кыра киһи кыһалҕаны билэр (өс ном.). Кыра өттө, куттанан, Иэннэрэ кэдэҥнииллэр, Кырдьаҕастар аатын эрэ Имнэнсэн кэбиһэллэр. Күннүк Уурастыырап [Балаҕаммар] Баара аан дойду бары алдьархайа, Кыра киһи кыра үөрүүлэрэ. И. Гоголев Отторо тиийбэт кыра дьон, Чоочоттон ылыах буолан олорооччулар, сүөһүлэрэ эмиэ сутаабыт МНН
10 даҕааһын #
Кыра дуоһунастаах, тугу да быһаарар кыаҕа суох
Нууччалыы соотв. мелкая сошка
Тоҕо кыра чыыннаахтар Кырыктана сатыыллар. Күннүк Уурастыырап Мин билбэппин. Мин кыра киһибин. М. Попов Дьэ, бу мин сылдьабын, кыра киһи. Туох эмэ кыһалҕалаах буолуум да, Үчүгээйэп барахсаҥҥа ойон тиийэбин С. Ефремов
11 даҕааһын #
Уһуннук буолбат (барбат), кылгас кэмҥэ буолар
Нууччалыы Непродолжительный, недолгий
Кыра тохтобул кэнниттэн Николаев Николай саҥата иһилиннэ. Т. Сметанин [Барахсаанап:] Маайыс, манна кыра соҕустук олоро түһүөх С. Ефремов
12 даҕааһын #
Ыарахана суох, чэпчэки (хол., баас, ыарыы, эчэйии, оһол)
Нууччалыы Легкий, неопасный (напр., о ране, болезни и др.)
Манна ыалдьыыта кыра, кырдьыыта улахан. Амма Аччыгыйа [Дуня:] Сеня, бааһырдыҥ дуу? [Саввин:] Кыра, кыра. Уҥуохпун таарыйбата быһыылаах С. Ефремов
13 аат тыл #
Ол-бу бытархай, буолар-буолбат; улахан суолтата-солуута суох туох эмэ
Нууччалыы Всякая всячина, всякая мелочь, что-л. незначительное, не стоящее серьезного внимания
14 аат тыл #
Дьиэҕэ олорор иитийэх дьон, оҕо-дьахтар (дьиэ баһылыгар, тойоҥҥо, хотуҥҥа сыһыаннаан этиигэ, үксүгэр э. ахс. тут-лар)
Нууччалыы Домочадцы (обычно по отношению к хозяину, хозяйке употр. во мн. ч.)
15 этии #
Нууччалыы По-пустякам, из-за пустяков (напр., сердиться)
Кыра аайы - аахайыллыа суох, аахсыллыа суох түбэлтэттэн (хол., кыыһыр, өһүргэн, ааҕыс) Инникитин өйдөөх буолуллуо, кыра аайы аны киирэн бэриллиэ суоҕа.
А. КривошапкинНиколай билигин ол-бу кыра аайы кыһаммат буола дьэбирсийбит.
Л. ТолстойКыра кырата өтөр - туох эмэ кыра буоллаҕына күүһэ, кыаҕа, мөлтөҕө куруук көстөн тахса турар. Θ У маленького и отдача маленькая. Үлэһит күүс аҕыйаҕыттан үрэҕи солоооһуҥҥа биэс уонча гаа сирин ыарҕатын эрэ ыраастаатыбыт. Онон хайа да күн кыра кырата өтө турар. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (5)
Кырата буоллаҕына - онтон (этиллибиттэн) улахан (элбэх) да буолуон сөп. Θ Самое меньшее, по меньшей мере. Кини миигиттэн, кырата буоллаҕына, сүүрбэччэ сылынан аҕа көрүҥнээҕэ. Н. Якутскай Оннук наада кэллэҕинэ, кырата буоллаҕына, лабораториялар сэбиэдиссэйдэрэ бары ыҥырыллааччылар. В. Яковлев Бэйэни көрүнэр ыал буолар туһугар, кэргэн аайы кырата иккилии сүөһү наада этэ. И. Аргунов Кыраттан сылтаан - дуона суохтан тэптэн, дуона суоҕу төрүөт оҥостон. Θ Из-за пустяка, по пустяковому поводу. Уон араас кыраттан сылтааннар, Дьадаҥы көҥүлүн бохсоллор. Эрилик Эристиин Кыратыттан улаханыгар тиийэ - ким да ордубакка бүүс-бүтүннүү бары хабыллан. Θ От мала до велика (все поголовно)
16 этии #
Кыра буукуба - этии саҕаланыытыттан, анал аат бастакы буукубатыттан уратыга туттуллар буукуба Алын самнаҕай, Күөкэй Боллоҥ эҥин курдуктар кыра, улахан буукубаттан булкуйа сурулланнар анал аат буолалларын мунаахсыйан ылаҕын. ФЕВ УТУ.
Нууччалыы Строчная буква
Этиилэр
Кыра мэйии көр мэйии
Кыра омук - аҕыйах ахсааннаах, урут үксүгэр батталга, холуонньаҕа олорбут омук.
Малочисленный народ (национальное меньшинство, нацмен).
Хайа да баттаммыт кыра омукка аптаныамыйа боппуруоһа этигэр-хааныгар чугас буолуоҕа.
П. ОйуунускайКыра омук киһитэ диэн буоллаҕа буолуо, биһиги киһибитин нуучча грамматикатынан оччо олуйбат эбиттэр. Амма Аччыгыйа