Перевод с якутского
кыралан
кыралаа диэнтэн атын. туһ. Оҕонньор, таһырдьаттан хаар былаастаах кыраламмыт мууһу солуурчаҕар киллэрэн оһоҕун үрдүгэр уурбутугар, хаары ытыран киирбит солуурчах түгэҕэ ирэн, үүтээн иһин үүт-тураан тумарыгынан толорон кэбистэ. И. Никифоров Кыырпах курдук кыраланан дьиппинийбит, онно-манна убаҕас ньиирээйи талаҕынан, отунан сабыллыбыт таас кырыс устун хаамыталаан ыллылар. Тумарча. Куйахтаах хорсун бухатыырдар Кылгас уҥуохтара кыраланан, Уһун уҥуохтара урусхалланан, Охтубут курдуктар бу манна. М. Тимофеев