ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһаат

аат тыл

Нууччалыы небольшая кадка с ушами, ушат

1 аат тыл #

Наһаа улахана суох, икки өттүнэн тутаахтаах буочукатыҥы иһит

Нууччалыы Небольшая кадка с ушами, ушат

  • Уһааты, тымтайы, чабычаҕы оҥорбот буолбуппут тэбиитэ, уһугар тиийэн, ити эбээт, барыта.
    Амма Аччыгыйа
  • Уонча көлөҕө утуйар таҥас, өйүө, уһааттаах суораттары тиэйбиттэр.
    М. Доҕордуурап
  • Сайын эмээхсин холбуллубут үүт аннын суораттыы-суораттыы, сиэммититтэн ордугун дириҥ умуһахха мас уһаакка кутан тардыыр
    С. Маисов

2 этии #

Нууччалыы В глубине живота, невнятно (бормотать, бубнить) или гулко, отдалённо, но громко (говорить)

Этиилэр

Уһаат иһигэр (түгэҕэр) саҥарар курдук

бүтэй иһит иһигэр саҥарар курдук, иһиҥ түгэҕэр, чуолкайа суохтук (саҥата таһаар, киҥинэй) биитэр суон куоласкынан, ыраахтан иһиллэр курдук, бүтэҥитик, лүҥкүнэччи (саҥаран доргут, оннук иһилин) Друзьянов: "Күнүс урукку сиргэр бараар", – диэн

  • сибигинэйдэ, онтуката уһаат түгэҕэр саҥарбыттыы, лүҥкүнээн иһилиннэ, Маша олус дьиктиргээтэ.
    М. Доҕордуурап
  • Дьүккүөр Миитэрэй чааскылаах чэйин наҕыл баҕайытык төттөрү уурда уонна дьон диэки утары малайан олорон, уһаат иһигэр саҥаран эрэр курдук лиҥкинэттэ. А. Бэрияк

«У» буукуба