ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһан

туохтуур, аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы ковать

English to forge

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы ковать

English to forge

  • кыайыыны уһан
    выковать победуto forge a victory

2 туохтуур #

Тимиртэн, о. д. а. матырыйаалтан уһааран тугу эмэ оҥор, оҥорон таһаар (хол., тимир, көмүс ууһун этэргэ)

Нууччалыы Ковать (напр., о кузнеце железа, золота)

  • Уйбаан уус хайа тэллэҕэр кыһатын өрөн уһанан ньаргыытыыр.
    М. Доҕордуурап
  • Сэргэй Баһылайабыс уолун Хабырыылы уон түөрт сааһыттан тимиринэн уһанарга үөрэппит
    ЧАИ СБМИ

3 туохтуур #

Уустаан-ураннаан чочуйан тугу эмэ оҥор, оҥорон таһаар (хол., мастан)

Нууччалыы Изготовлять что-л. ручным способом, вручную, мастерить что-л. (напр., из древесины)

  • Урут ону-маны уһанар оҕонньоттор да сэдэхсийдилэр.
    С. Никифоров
  • Ахмед уһанарын сөбүлүүр киһи, күн аайы дьиэтин таһыгар тугу эмэ устуруустуу, эрбии сылдьар буолар.
    У. Ойуур
  • Уһанан, уруһуйдаан ойуу-бичик дьэрэлитэр, атын да үлэҕэ-түбүккэ тиритэр-хорутар, дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдыгы, кэрэни ыһа сылдьар киһиэхэ куһаҕан санаа уйаламмат
    НБФ-МУу СОБ

4 туохтуур #

Тугу эмэ айа-тута, түстүү сырыт

Нууччалыы Творить, созидать что-л

  • Олох уҕараабат уотун уматаммын Олоҕу уруйдуур, дьолу уһанар Суос-соҕотох ыра санаалаахпын.
    С. Данилов
  • Оччоҕо сир ийэ уйгуну-быйаҥы уһанаары, олоҕу салгыы түстээри көҕөрө силигилиэ.
    В. Фёдоров
  • Өлүөнэ икки өттө дьолу-соргуну уһанар олоҕунан түллэҥниир
    П. Аввакумов

5 даҕааһын #

суолт. Сарай ойоҕоһугар илиинэн эргитэр үүттүүр ыстаныак турар, сиргэ уһанар кыстык, ол-бу массыына чаастара сыталлар. С. Ефремов

6 этии #

Нууччалыы Кузница, мастерская

Этиилэр

Уһанар дьиэ

уус киһи уһанар дьиэтэ Холкуос уһанар дьиэтигэр быыстала суох, куруутун үлэлээбит ыстааһын иһин үлэ күнэ эбии ааҕыллар.

  • КПЫ. Кэлин мастарыскыай, гараас, уус уһанар дьиэтин, оскуола туппуппут. ДФС КК. Биирдэ Давыдов бурдук быһар массыына өрөмүөнэ хайдах баран иһэрин көрөөрү уһанар дьиэҕэ киирдэ.
    М. Шолохов

Уһанар тэрил (тээбирин)

уһанарга туттуллар бытархай ол-бу тэрил, тээбирин.

Слесарные инструменты.

  • Бэйэҥ үөрэммит оскуолаҕар уһанар тээбириннэри булан биэрэриҥ буоллар.
    А. Бродников
  • Уһанар тэриллэрин орун-оннуларыгар туруортарда.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Макарий Денисович, бу мастарыскыайгытыгар уһанар тэрилгит элбэҕэ сүр. "Чолбон"

«У» буукуба