ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эллээ

туохтуур

Нууччалыы толочь, мять, разминать что-л. жёсткое, твёрдое

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Туох эмэ хоччорхойу, хаппыты сымнатаары илдьи сыс, мэһий, имит

Нууччалыы Толочь, мять, разминать что-л. жёсткое, твёрдое

  • Ону истэ-истэ кырдьаҕас эмээхситтэр, таба хаппыт силгэтин ыстаан мүлүктүү-мүлүктүү тириини эллииллэр.
    Н. Якутскай
  • Үрүҥ туойу эллээн баран хатардахха хайдыбат, кыбыс-кытаанах буола хатан хаалар.
    И. Данилов
  • Куҥ эти сууйан, силгэтин ылҕаан, кыра гына кырбастаан баран, ас өтүйэтинэн эллииллэр, ол кэнниттэн лапса курдук гына кырбыыллар. Дьиэ к

2 туохтуур #

Маһы суор, чочуй, таҥастаа

Нууччалыы Обработать дерево, выстрогать нужную форму

  • Сэргэни Ырыа Ылдьаа үс төгүрүк сылы быһа таҥастаан, эллээн чочуйбута.
    Н. Лугинов
  • Хаптаһыҥҥа сырылаан, Хабырынар устуруус: Кыҥаан эллиир дьуххалаан, Кылбарытар мындыр уус.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Урукку курдук тутууну аҥаардас сүгэнэн эллээн суоруу уурайда. Тутуу үлэтигэр тиэхиньикэ күүһэ туттуллар буолла. “
    Кыым

3 туохтуур #

Тимири кытардан баран таптай, балталаа

Нууччалыы Ковать железо, ударами молота придавать металлу какой-л. вид

  • Элбэх да тимири Оҕонньор эллээтэ, Үс түүннээх үлэтин Түмүгэ кэллэ дьэ. Эллэй. Онон сиикэй соҕус тимири эллээн, таптайан охсуллар. ПАЕ ЭАБ. Таһыттан киллэрбит тимирдэрин кыһа бэлэһиттэн туртаччы кытардан таһааран, холбуу эллээн батырҕатта.
    ВСС КТ

4 туохтуур #

Олох араас ыарахаттарыгар мускуллан бус-хат, кииллий; ыарахаттары эрдээхтик туораа

Нууччалыы Становиться физически и нравственно крепким, стойким, выносливым, испытывая удары судьбы, закаливаться; выдерживать испытания, выстаивать

  • Кини эн курдук эмиэ Долгуйбат тоҥ туруктаах буоллун, Этиҥ, чаҕылҕан, силлиэ Эллээн кииллиппит эттэннин!
    П. Тобуруокап
  • Эрэй-муҥ эллээбэтэх, олус көнө сүрүннээх киһи тосторо түргэн быһыылаах.
    Э. Соколов
  • Олох барахсан үөһүгэр уктан, уһааран, Өлбөт үөстээн, имитэн эллээбитэ, Оҕо сааска үлүскэн үлэ, сут-кураан Инчэҕэй талахтыы эрийэн эрчийбитэ. “
    Чолбон

5 этии #

Этиилэр

Эмньигин эллээ

иннин ыл диэн курдук (көр илин I).

  • [Күн Толомон Ньургустай оҕобут] Биһиги тойон иччибитин хаҥылын сыһытан, эмньигин эллээн, дохсунун солбонутан, эргичийэн кэлэр күҥҥэр уол оҕонон уруйдуох этибит. ПЭК ОНЛЯ III. [Кулун Куллустуур:] Күн Толомон Ньургустай удаҕан, Мин диэтэх киһини Бигэ үүдэһиммин айгыратан, Эмньикпин эллээн туран Эр гынаары Эргитэн аҕалбыта баара. ТТИГ КХК
    К. Ср
  • тур. елле ‘касаться руками, трогать; щупать’, тюрк. эл, чув. ал ‘рука’, монг. элдэх ‘выделывать (кожу); раскатывать (тесто)’, бур. элдэхэ ‘мять; возделать (землю)’

«Э» буукуба