ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһуктаах

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы с острым концом, остроконечный

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

Сытыы биилээх төбөлөөх

Нууччалыы С острым концом, остроконечный

  • Кыргыс дьоно ааҕа ох саалаахтар, курдарыгар икки өттүнэн уһуктаах, биилээх ортотунан уктаах кылгас батастаахтар.
    Саха фольк
  • Уһуктаах кырыылаах тимир улам-улам аллара түһэн, дьөлө сиэбит.
    Суорун Омоллоон
  • Хаим атыыһыт уһуктаах быһаҕынан буочука түгэҕиттэн эти иилэн таһаара сатыыр
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (5)
  • Уһуктанан көстөр. Θ Выделяющийся острым концом, кажущийся остроконечным. Кыһалҕа санаарҕаабыт, сылайбыт дьүһүннээх, сирэйэ кубарыйбыт, уһуктаах уоһа хатырбыт.
    И. Гоголев
  • Биирдэрэ Мотуоҕа холоотоххо, чобугураабыт элбэх саҥалаах, сытыы-хотуу, уһуктаах сирэйдээх, кытыгырас бэйэлээх.
    И. Никифоров
  • Уһуктаах төбөлөөх, тура сылдьар түргэн хамсаныылаах кулгаах үчүгэй сайдыылаах, бэрт сэргэх сылгы бэлиэтэ буолар. Сылгыһыт с
  • Эмээхсинигэр хараҕынан имнэнэн, уһуктааҕы, биилээҕи дьалты уурарга сүбэлиир.
    И. Бочкарёв
  • Биилээҕи, уһуктааҕы барытын кыыннарыттан, хааларыттан хостотолоон, сыгынньах уурталаабыттара. П. Ламутскай (тылб.)

2 даҕааһын #

Сытыы-хотуу, чобуо (хол., киһи); киһини кыһытар, хаарыйар (хол., тыл-өс)

Нууччалыы Шустрый (напр., о человеке); колкий, острый, язвительный (напр., о речи)

  • Ол эрээри, эмиэ да уһуктаах кырдьык диэн баар ээ.
    Н. Лугинов
  • Бырааттары кытта булкуһа охсубут, албыннаабыт Хоодуот Арамаан – сытыы, уһуктаах киһи.
    Н. Борисов
  • Киһини сирэй-харах анньар уһуктаах тыллары истэ олорон, ким да кинини сымыйарҕаабатаҕа
    Чолбон
Өссө холобурдар (3)
  • Тохтубат хааннаах, Тоһуттубат уҥуохтаах, Өспөт тыыннаах, Өлбөт үөстээх Урааҥхай уһуктааҕа.
    П. Ойуунускай
  • Уйгуга тиксэн өрөгөйдүүр да күннэрбэр, Уһуктаах түбэһэн охтор да түгэннэрбэр Өлбөөдүйүөхтээҕэр, кини үрдүк чаҕаан мөссүөнэ Өрүү дьэҥкэрэ, охсуһууга ыҥыра туруоҕа.
    С. Данилов
  • [Маһарах:] Бу уһуктаахтан ортохпуна, түрбүөннээхтэн төлөрүйдэхпинэ кэнэҕэс үтүөтүн-өҥөтүн боруостуом
    Эрилик Эристиин

3 аат тыл #

Уһуктаах төбөлөөх туох эмэ

Нууччалыы Что-л. остроконечное

4 даҕааһын #

Чулууттан чулуу киһи, эр бэрдэ

Нууччалыы Лучший из лучших, превосходный человек

5 этии #

Нууччалыы Попасть в тревожную, бедственную ситуацию

Этиилэр

Уол оҕо уһуктааҕа

сытыы-хотуу эр бэрдэ.

Молодец, удалец, шустряк.

  • Икки уол оҕо уһуктаахтара көрсөн баран, сүгүн буолуохпут дуо?!
    И. Гоголев
  • Бэйэтин кэмигэр тыллаах-өстөөх бэрдэ, эдэригэр, бука, быһымах санаалаах уол оҕо уһуктааҕа буолуо.
    К. Уткин
Өссө холобурдар (1)
  • Оччолорго кыыс кылааннаҕа, Кырасыабай бэрдэ эн этиҥ. Мин да уол оҕо уһуктааҕа Буоллаҕым эбээт дэнэрим.
    ХС

Уһуктааҕынан көр

киһини өтөрү-батары, кырыылаах хараххынан, тобулу көр.

Смотреть пронзительным взглядом.

  • Максим икки уоттаах хараҕынан сүүһүн аннынан уһуктааҕынан көрүтэлээн кэбистэ.
    П. Филиппов

Уһуктаах тыллаах (уостаах)

олус кыһыылаах-абалаах, чобуо тыллаах-өстөөх.

Языкастый.

  • Уһуктаах тыллаах Утары саҥарбатах Килбиэннээх сирэйбин Киртитэ оонньоотулар.
    П. Ойуунускай
  • Оччо үлүгэр ас тахсыбытыгар уһуктаах уостаах обургулар хам буолуохтара баара дуо?! Софр. Данилов. Чэ, ханныгын да иһин, Очуураба обургу уһуктаах уостаах, уһун тыллаах бытааһах. С. Никифоров

6 этии #

Нууччалыы Якутская мера длины: расстояние, равное длине вытянутых указательного и большого пальцев руки

Этиилэр

Уһуктаах сүөм

сахаҕа уста кээмэйэ: сөмүйэлээх эрбэҕи төһө кыалларынан атыччы туттубут кэннэ, эрбэх төбөтүттэн сөмүйэ төбөтүгэр диэри (15-16 сэнтимиэтир кэриҥэ) Билигин уһуктаах сүөм диэн кээмэйи сахалар умна быһыытыйбыттар да, син туттар буолан эрэллэр

«У» буукуба