Перевод с якутского
уһулуччу
сыһыат, даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы особенный от других, исключительный
1 даҕааһын #
Атыттартан лаппа уратылаах, туспатыйар
Нууччалыы Особенный от других, исключительный
Бүлүүтээҕи ГЭС тутуута ирбэт тоҥ буордаах, суолтан-иистэн ыраах хотугу уһук дойдуга аан маҥнай оҥоһуллар буолан, уһулуччу кытаанах өрүттэрдээх.
Суорун ОмоллоонТиэтэйбит – барыларыттан уһулуччу, ат бөҕө, кус быһый, туруору да дьүһүнүнэн бөҕөҕө мөссүөннээх, быһыйга быһыылаах олус бэрт киһи эбит. Эрилик Эристиин Ити дьыл сааһыгар Константин Гаврильевич университеты уһулуччу үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитэ. П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
Таба суруйууга үөрэтиигэ морполуогуйа ордук уһулуччу суолталаах ННН СТМО
2 сыһыат #
суолт. Уратылаахтык, атыттары лаппа баһыйардыы, атыттартан чорбойон; чулуутук, туйгуннук
Нууччалыы Особенно, исключительно; превосходно, отлично
"Кыыс тойуга" атыттартан уһулуччу турар. Эрчимэн. Ол-бу общественнай сорудахтартан хаһан да аккаастамматар да, уһулуччу кыттан эмиэ барбат. Н. Габышев Иванов звенота биһигиттэн уһулуччу ойон таҕыста Кыым
3 аат тыл #
суолт. Атыттартан лаппа уратылаах, туспа, чулуу ким, туох эмэ
Нууччалыы Что-л. особенное, исключительное, превосходящее
Уһулуччуну чулуулар эрэ оҥоруохтаахтар диэн сокуону ким да таһаара илик.
Н. ЛугиновОлохтон уһулуччуну Эдэр уолан мэлдьи күүтэр, Кини күүтэр туйгуну, Күүппэт эбээт ортону. И. Гоголев Кини кимтэн барытыттан туох эрэ дьиктини уонна уһулуччуну, үөтэлээҕи, үйэлээҕи күүтэр үтүө үгэстээҕэ. С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
Үлэһиттэргэ бочуоттаах ааты, оттон саамай уһулуччуларга Үлэ Геройун үрдүк аатын иҥэрэллэр ЭБТ