ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаартыһыт

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы картёжник

1 аат тыл #

Хаартылыыр, хаартынан сүүйсэ оонньуур киһи

Нууччалыы Картёжник

  • Бу холкуоска икки хаартыһыт биир хомсомуолтан матасыыкылын сүүйэн ылбыттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Бүччүм сирдэргэ бүгэн оонньуур хаартыһыттары үрүө-тараа куоттартааһын буолбута.
    И. Семёнов
  • Хаартыһыттар харахтара хаартыны одуулаһан дьиэгэниспит
    В. Титов

2 даҕааһын #

суолт. Хаартынан сүүйсэр идэлээх, хаартыга ылларбыт

Нууччалыы Увлекающийся картами, картёжной игрой

  • Тутталларыттан-хапталларыттан көрдөххө, дьиҥ хаартыһыт киэптээх дьон быһыылаахтар.
    А. Софронов
  • Күтүөтэ өрө чыпчылыҥнаан түһэн сүрдээх, бука, айанньыт, хаартыһыт киһи буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Сөдүөт хаартыһыт, улдьаа киһи, үлэлээн-хамсаан иитиллэри ыарыргыыр, чэпчэкитик олоруон баҕарар
    ССЛИО

«Х» буукуба