ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаарты

аат тыл

Нууччалыы карты; карточная игра

English cards, card game

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы карты; карточная игра

English cards, card game

  • хаарты оонньоо
    играть в картыto play at cards
  • хаарты тахсыытын кэриэтэ
    так и сужденоit's in the cards

2 аат тыл #

Ойууламмыт бөгүүрэлэринэн, харахтарынан эбэтэр маастарынан уратылаһар, кыра хортуон хаартачыка холуодата (оонньуурга, сэрэбиэйдииргэ аналлаах)

Нууччалыы Карты (игральные, гадальные)

  • Хаартытын сыымайдаан, ботугураан баран, бэйэтэ билэринэн тэлгэтэ-тэлгэтэ кэпсиир.
    Н. Кондаков
  • Захардаах Сэмэн аһыыр остуолга олорон, эргэ хаартынан баарыстыыллар.
    И. Сысолятин
  • Устунан хаарты хомуллан, оонньуу бүтэн, утуйарга тэриннилэр
    Хомус Уйбаан

3 аат тыл #

Хаартыга оонньооһун, хаартылааһын

Нууччалыы Игра в карты

  • Кирилл Васильевич хаарты, саахымат диэни билиммэт, ортоһуор дуобатчыт эрэ.
    И. Гоголев
  • Оонньооччу хаартынан сүүйэн дьону алдьаттаҕына, куһаҕаны оҥорбукка холоммот.
    Күннүк Уурастыырап
  • Аҕата уонна Маппыр, хаарты ухханыгар оҕустаран, Бииктэр дьиэтигэр барбытын билбэккэ хаалбыттара
    Л. Попов

4 этии #

Нууччалыы соотв. раскрывать свои карты

Этиилэр

Хаартыгын ас

туох эмэ кистэлэҥҥин атыттарга биллэрэн кэбис "Дьэ, куһаҕаннык сыыһа туттуу тахсыбыт, хаартыбытын аһан кэбистибит", – Сараапап атыыһыт үөһэ тыынар.

  • Н. Якутскай.

Хаарты тахсыытын кэриэтэ

туох эмэ табыллыан да, табыллымыан да сөп, халбаҥ.

Как повезёт, как карта ляжет.

  • Үҥсүүҥ, дьыалаҥ даҕаны син эмиэ байанай биэриитин, хаарты тахсыытын кэриэтэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хаарты тахсыытын кэриэтэ: баҕар табыллыаҥ, баҕар алдьаныаҥ. Огдо

5 этии #

Нууччалыы Очки в картах

Этиилэр

Албас хаартыта көр албас

  • Сорох хаартыһыттар албас хаартытын туттан, дьону сүүлүктүүллэр.

Хаарты тахсар (тахсыбат) көр таҕыс

  • Бүгүн хаарты барахсан тахсар күнэ буолбут. Күрүлгэн.

Хаарты хараҕа

хаартылыырга хаарты мааһа төһө ахсааны бэлиэтиирэ Хаарты хараҕынан анараа киһи кыайан таҕыста

«Х» буукуба