Перевод с якутского
карточка
аат тыл
Нууччалыы карточка
English file card
1 аат тыл #
Ханнык эмэ анал дааннай, сибидиэнньэ эбэтэр сорудах сурулларыгар аналлаах дьоҕус кумааҕы эбэтэр сурунаал (картотекаҕа киирэр)
Нууччалыы Карточка (единица картотеки)
Ыалдьааччылар карточкаларын -- тус-туһунан хомуйан остуолга сааһылаата.
Н. ЛугиновДьиэҕэ үлэни бэрэбиэркэлиэх иннинэ, аҕыйах оҕоҕо карточкалары түҥэтиэххэ сөп АНВ СТУ
2 аат тыл #
Тугу эмэ туоһулуур докумуон быһыытынан туттуллар, үксүгэр бэчээттээх дьоҕус кумааҕы
Нууччалыы Карточка (удостоверение, свидетельство)
Политрук Харачаас партийнай карточкатын аҕалан остуолга ууран биэрдэ. П. Филиппов Гавриил -- кандидатскай карточканы эттээх ытыһын түгэҕэр бобо харбаата ДАЛ УуУоО
3 аат тыл #
Аһы-таҥаһы ылар быраабы биэрэр, быһыта тардыллар толуоннардаах былааҥка
Нууччалыы Карточка (продовольственная или промтоварная)
"Тиргэлииргэ" [сир аата] дьоҥҥо килиэп карточкаҕа бэриллэр буолла. Н. Босиков Оттор маһы эмиэ карточканан биэрэллэр. Ю. Чернов (тылб.)