ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

халба

аат тыл

Нууччалыы широконоска

1 аат тыл #

Кэтит тумустаах, эриэн өҥнөөх "сох-сох-сох" диэн саҥалаах кураанах кус көрүҥэ

Нууччалыы Широконоска (вид утки)

  • Халбаҕа дылы суохтан атыны билбэт (өс хоһ.). [Абытай Арамаан] Арҕааҥҥы тураҥнаах атахтан Алталыы халбаны хаптатыа.
    Күннүк Уурастыырап
  • Биэстэ субурутан суулларбыт атыыр халбатын диэки кылап гына көрө-көрө Ньукуус ньыкыйан баран олорор да олорор.
    В. Титов
  • Халба – киэҥник тарҕаммыт кураанах кус
    БББ

2 этии #

Нууччалыы Постоянно отпирающийся (человек – букв. как утка-широконоска (отпирающаяся) – кряканье широконоски якуты слышат как "суох", что означает ‘нет’, поэтому утка-широконоска ассоциируется у якутов с человеком, привыкшим отпираться, отказываться)

Этиилэр

Халба курдук мэлдьэхтээх

хаһан да сөп диэбэт, өрүү мэлдьэһэр, суоҕу эрэ билэр (халба кус саҥата "суох" диэн тылга маарынныыр, ол иһин халба мэлдьэһэрин эрэ билэр дииллэр) Халба курдук мэлдьэхтээхтэн Хата бары кэлэйэллэр.

  • Ыйыттахха, көрдөстөххө "суох" дииртэн атыны билбэт киһини "халба курдук мэлдьэхтээх" диэччилэр. Н. Кондаков

3 этии #

Нууччалыы Очень длинный, вытянутый спиралью, петлями. [Мэник Мэнигийээн] аара от үрэх халба оһоҕоһун курдук сыыйыллан сытарыгар тиийбитэ

Этиилэр

Халба дабыдала көр дабыдал

  • Кулун кутуруга икки халба дабыдала икки үүммүт аҕай, охсорго кэбирэҕэ сүр. Сэмээр Баһылай. Аны ото түөрэтэ кылыс, дэҥ кулун кутуругун кытары халба дабыдала кыбытыктаах.
    С. Маисов
  • Үүнээйитэ араас, үксүн халба дабыдала, алаас ото, кулун кутуруга, ача үүнэр.
    ПАЕ ОС

Халба оһоҕоһун курдук

наһаа уһун, субуллаҕас, эриллэҕэс Саха ост.

  • Дьиэ бүүс-бүтүннүү халба оһоҕоһун курдук турбаларынан ититиллэр.
    В. Иванов
  • Оптуобус халба оһоҕоһун курдук хайа суолунан айаннаан иһэр. Хомус. Ср. эвенк. калба ‘утка-широконска’, ДТС халва ‘стрела без наконечника’

«Х» буукуба