Перевод с якутского
сыап
аат тыл
Нууччалыы ряд металлических звеньев, продетых одно в другое, цепь
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Тимир тиэрбэстэри бэйэ-бэйэлэригэр иилиһиннэри тиһэн оҥорбут быа курдук уһун оҥоһук
Нууччалыы Ряд металлических звеньев, продетых одно в другое, цепь
Витя туох эрэ хараны, түүлээҕи бобо харбаан ылла, сыап тыаһа кылыр гынна. Н. Заболоцкай Хаайыылаах илиитигэр-атаҕар хандалы сыаптара кылыргыыллар. С. Никифоров Тыаһы истэн түөрт харахтаах күөрт ыт өрө баргыйбытынан, сыабын соһор тыаһа кылыгыраабытынан ааҥҥа кэлэн, -- үрэн баргыйда М. Попов
2 аат тыл #
Ханнык эрэ тиэхиньиичэскэй оҥоһуктар, аппарааттар чаастарын ситимэ, холбоһуга
Нууччалыы Цепное соединение агрегатов каких-л. технических изделий, аппаратов, цепь
Хамбаайын барабаанын сыаба быстыбыт. Эбиэттэн киэһэ оҕонньор хантан эрэ сабыс-саҥа чочу уонна уонча "Дружба" сыабын булан аҕалла. ХС Мотуордар өрө бирилии, ыһыыра түспүттэрэ, хамбаайын ньирилээбитэ, сыаптара хабырыммыттара, малатыылкатыттан соломону ыһан күдээритэн, сэлиэһинэйи быһан күүдэпчилэтэн барбыта. Ч. Айтматов (тылб.)
3 аат тыл #
Дьиэ тутуутугар бэрэбинэлэри үрүт-үрдүлэригэр ууран хам туттарарга аналлаах кылгас мас оҥоһук (бэрэбинэлэр үүттэммит дьөлөҕөстөрүгэр саайыллар)
Нууччалыы Короткий деревянный шкворень, забиваемый между брёвнами строящегося дома для их более плотного скрепления
Бэрэбинэ сыабын элбэҕи бэлэмнээтилэр
4 аат тыл #
Бэйэ-бэйэлэриттэн тэйсэ соҕус биир кэккэнэн иһэр дьон эрээтэ
Нууччалыы Ряд, вереница людей
Эшелон диэкиттэн кыранааталар кыырайаллар. Кимэн киирэн иһээччилэр сыаптарыгар түһэн дэлбэритэ ыстаналлар. С. Никифоров Бурхалей уонна Ахмет, бэйэлэрин роталарын хайыталаһан ылан бараннар, суол икки өттүнэн сыап оҥорон, айдааннаах Чихой диэки киирэн истилэр. Эрилик Эристиин Сыап кимэн киирэн испитэ. Өлбүттэр уонна бааһырбыттар баар буолбуттара ГСС
5 этии #
Нууччалыы Злой, полный злости (человек – букв. как цепная собака)
Этиилэр
Сыаптаах ыт курдук
олус киҥнээх, куһаҕан майгылаах (киһи) Сыаптаах ыт курдук дьон баар буолаллар.
НАГ ЯРФС II.
Сыаптаах ыт курдук көҥөс
кимиэхэ да тугу да бэрсибэт, биэриэн баҕарбат, олус кэччэгэй, көҥөс (киһи).
соотв. как собака на сене.
Ол киһиттэн көрдөөмө даҕаны, сыаптаах ыт курдук көҥөс. НАГ ЯРФС II