ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыаннас

аат тыл

Нууччалыы ценный предмет

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

, кэпс

  • Сопхуос отделениетыгар ааспыт сыл алта уон икки тыһыынча солкуобайдаах сыаннас туох да боччумнаах киһи ылынар биричиинэтэ суох устууга барбыт
    А. Данилов

2 аат тыл #

Туох эмэ төһө харчыга турара, сыаната

Нууччалыы Ценный предмет

3 аат тыл #

Туох эмэ суолтата, туһата

Нууччалыы Значимость, важность, ценность чего-л. (напр., какого-л. произведения)

  • Уус-уран айымньы сыаннаһа ахсаанынан эрэ мээрэйдэммэт, кини сыаннаһа кини хаачыстыбатыгар баар.
    П. Ойуунускай
  • Мин саныахпар, литературоведческай үлэлэри даҕаны, син уус-уран айымньыларга курдук, кинилэр кээмэйдэрэ, пуормалара научнай сыаннастарын быһаарыахтарын сатаммат
    Эрчимэн

4 аат тыл #

Киһи олоҕор, кини өйүгэр-санаатыгар тус улахан наадалаах көстүү

Нууччалыы Духовные, материальные ценности (в жизни человека)

  • Суос-соҕотох дьиҥнээх сыаннас киһи үлэтэ буолар. ЭБЭДьА. Кини [үлэһит норуот] – материальнай уонна духуобунай сыаннастары айааччы, дьиҥнээх доҕордоһууну олохтооччу. ПБН КДьСО. Дуобат – билии-көрүү уонна эстетическэй сыаннастары айар ускуустуба
    ПРД ТҮө

«С» буукуба