ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иилэҕэс

аат тыл

Нууччалыы цепь

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Тимир тиэрбэстэр бэйэ бэйэлэригэр кэтэрдиллибит оҥоһуктара; сыап

Нууччалыы Цепь (ряд металлических звеньев, продетых одно в др.)

  • Дьаакыры көтөҕөн, бөҕө тимир иилэҕэһи хабырыннардылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Тимир иилэҕэһи батаһынан быһа дайбаан, Туйаарыманы босхолоон¬ -- ааны былдьаһаллар.
    Суорун Омоллоон
  • Ааныс хоонньуттан намчы иилэҕэһи ороон таһаарда.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Тимир синньигэс иилэҕэскэ тиһиллибит элбэх күлүүс тыллара хаҥас сиэбин тэскэччи тэппиттэр
    ХС

2 аат тыл #

иис. Иискэ туттуллар сыап курдук ойуу

Нууччалыы Швейный узор наподобие цепи

  • Урут этэрбэс, билигин унтуу билэтин оҥорууга үксүн тыҥырах, сарбынньах ойуулары киллэрэллэр. Ону таһынан айа ырбата, таҥалай, иилэҕэс, илим хараҕа диэн ойуулары туттуохха сөптөөх
    АЕЕ ӨҮОБ

3 этии #

Иилэҕэс түһүс кэпс. – арахсыбакка батыһа сырыт, тугу гынарын үтүктэн ис Иннигэр-кэннигэр иилэҕэс түсүһэн, кыргыттар сытыы лыҥкынас куоластара сыыйыллар. Тулхадыйбат д

Нууччалыы Неотступно следовать за кем-л., повторять за кем-л. все его движения, действия

4 этии #

Нууччалыы Цепь, цепная веревка

Этиилэр

Иилэҕэс быа

сыап, сыап быа Үрүҥ көмүс чаһыылаах, үрүҥ көмүс иилэҕэс быатын күөх сатыын булууһатын икки сиэбигэр туора ыйаабыт.

  • Сыыр анныгар тимир иилэҕэс быалаах обургу саппыйаан суумка бөскөйөн сытар.
    Д. Таас
  • Хатата эмиэ көмүс ойуулаах хаатыттан иилэҕэс быаҕа ыйанан сылдьара. С. Сарыг-оол (тылб.)

«И» буукуба