ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиһилик

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы завязка-ремешок

English chain

1 аат тыл #

Туох эмэ (хол., бэрэмэдэй, бачыыҥка) айаҕын быанан тиһиллэр кэлгиэтэ

Нууччалыы Завязка-ремешок (напр., сумы, обуви)

  • Бачыыҥка тиһилигэ.
  • Хонук сирбин буллахпына, бэрэмэдэйим тиһилигин сүөрэн, малбын биир-биир сүөкүүбүн.
    Р. Кулаковскай
  • Артём кукуулун иһигэр киирэн баран, тиһилигин барытын тимэхтэнэн, тыылыы тэбэн сытара. Тумарча. [Дьулустаан] борцовкатын тиһилигин чиҥэтэ тардыалаата
    ХС

2 аат тыл #

Тыраахтар, тааҥка сүһүөх-сүһүөх бииргэ холбоммут тимирдэртэн таҥыллыбыт уллуҥаҕа

Нууччалыы У трактора, танка, самоходного крана: охватывающее колеса замкнутое полотно, состоящее из отдельных шарнирнозакреплённых звеньев, гусеница

  • Хайа, мин бэл тыраахтар тиһилигин өрөмүөннүүбүн.
    Н. Габышев
  • Бульдозер тиһиликтэрэ үрэллэн, салгыы кыайан барбат буоллулар.
    ХС
  • Тааҥкалар ыстаал тиһиликтэринэн ириэнэх буору ибили ныһыйан адьас субу тиийэн кэлбиттэрэ
    ДАЛ УуУоО
Өссө холобурдар (3)
  • Халлааҥҥа харбаспыт тиһилик мөҥүөн хайаларын ахтыбыта.
    Амма Аччыгыйа
  • [Оҕонньор] тиһилик олбуордаах дьиэлэри көрөн, ханна тохтуохтааҕын саныы биэрдэ.
    Болот Боотур
  • Утаакы буолбата, тиһилик остуолларга араас ас тардылынна
    А. Сыромятникова

3 даҕааһын #

суолт. Кэккэлэһэ турар, биир күдьүс, субурҕа

Нууччалыы Расположенные в один ряд, в одну линию

«Т» буукуба