ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

халый

туохтуур

Нууччалыы разливаться, расползаться, расплываться по поверхности чего-л

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Туох эмэ устун тэнийэн, тарҕанан бар

Нууччалыы Разливаться, расползаться, расплываться по поверхности чего-л

  • Уот курбуу чаҕылҕаннарынан тырытта-тырытта, ыас хара былыт халыйан тахсыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Бэрт сотору оҥкучах сирдэргэ уу халыйбыта.
    Далан
  • Өрүс эһиннэ. Муус халҕаһата арыыны соҕотохто саба халыйда.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)

2 туохтуур #

Халтарый, сырылаа

Нууччалыы Катиться, скользить

  • Хайыһар кэтэн халыйан истэххинэ, Оччоҕо ордук өйдүүгүн эн Сахаҥ сирэ Эйигин сатаан ииппитин.
    Т. Сметанин
  • Хатарыылаах хатыҥ мас сыарҕа Халыйыаҕа халыҥ да хаарга.
    ХС
  • Эһэм миэхэ үчүгэй баҕайы салааска оҥорон биэрдэ. Халыйар да халыйар. Түргэнэ сүрдээх. Н. Тарабукин (тылб.)

3 туохтуур #

Баран иһэр суолгуттан туораан таҕыс, бар

Нууччалыы Сбиваться с пути, уклоняться в сторону, сворачивать

  • Барбахтаат, оҕонньор тоҕонох уулуссаҕа халыйда.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Маппый дьиэтигэр барбакка толооҥҥо халыйан барда.
    Р. Кулаковскай
  • Аркадий, тугу да саҥарбакка, туора уулуссаҕа халыйан тахсар
    У. Нуолур

4 туохтуур #

ан эмэ (хол., кэпсэтии тиэмэтиттэн) туораа, сүрүн хайысханы тутуһума

Нууччалыы Уклониться от чего-л. (напр., от темы разговора)

  • Дьонум ону-маны ыатаран кэпсэтэллэр, бултан уопсай боппуруоска халыйаллар.
    Далан
  • Туйаара, халыйдыбыт дии атын тиэмэҕэ, Эйигинниин бүөмнээн кэпсэтэрдээх этим.
    В. Миронов
  • "Василий Егорович, эмиэ халыйдыбыт, дьыала сүнньүнэн кэпсэтиэххэ", – Игнат Кытаҕаасап быһа түстэ
    Э. Соколов

5 туохтуур #

Сүрэҕи-быары, өйү-санааны долгута кутулун (хол., иэйии, санаа туһунан)

Нууччалыы Подступить к сердцу, захлестнуть, нахлынуть (напр., о чувствах, воспоминаниях)

  • Арыт мип-минньигэс ахтылҕан санаа сыры-сымнаҕас күөнүнэн саба халыйан кэлэр.
    Н. Лугинов
  • Мин сүрэхпэр кустарбын аһыныах сылаас санаа халыйан киирдэ.
    И. Семёнов
  • Эмискэ тайахтар аһыы сылдьалларын көрөн, булчут эрэ билэр иэйиитэ түөһүн киэптии халыйан киирдэ. "Чолбон". Ср. монг. халих ‘переливаться через край (напр., посуды); выходить из русла (о реке)’

«Х» буукуба