ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мэндээр

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы широкой и гладкой поверхностью открываться взору, разливаться

1 туохтуур #

Ханан да долгуна суох биир кэм килэйэн көһүн (чуумпурбут улахан күөл, өрүс ньуурун туһунан)

Нууччалыы Широкой и гладкой поверхностью открываться взору, разливаться (озеро, река)

  • Мас быыһынан улахан баҕайы тыымпы күөл уута мэндээрэн көһүннэ.
    Н. Неустроев
  • Лена эбэ хотун сиэркилэ таас курдук, ханан да долгуна суох мэндээрэн сытар.
    Н. Якутскай
  • Эбэтэ киниэхэ туох бэлэҕи ууран тоһуйбутун биллэрбэккэ, ылы-чып баран мэндээрэн сыппыта
    Н. Заболоцкай

2 туохтуур #

Мээнэнэн унаарыччы көр (киһи киэҥник көрбүт харахтарын этэргэ)

Нууччалыы Смотреть бессмысленным взглядом широко раскрытых глаз

  • Кыыс мэндээрбит харахтарын көрөн, Лаана кыбыстан чугаһаабатаҕа.
    В. Гаврильева
  • Куриль муунтуйбут дууһата бобута туппахтыыр ыарыытыттан харахтара иччитэ суоҕунан мэндээрэр. С. Курилов (тылб.)
  • Туох да кыһалҕата суох курдук көр-иһит, тутун. Θ Выглядеть, казаться бездумным, беззаботным, беспечным. Эмээхсин сыбаайбаны сөбүлүү иһиттэ, оттон Дарбыанап иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, көннөрү мэндээрэн олордо
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Түгэҕэ биллибэт күөх мэндээр халлаан Бүлүү куоратын саба бүрүйэн турарга дылыта.
    Н. Якутскай
  • Ханан да иитэ-саҕата суох курдук мэндээр туундара халыан тымныыттан бөҕүөрэн ыйы быһа боруҥуйу саба тардынар
    В. Васильев

3 даҕааһын #

суолт. Уйаара-кэйээрэ биллибэт, киэҥ

Нууччалыы Необозримый, безбрежный, бескрайний

«М» буукуба