Перевод с якутского
халымыр
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы неглубокий, поверхностный
1 даҕааһын #
Олус куттала суох, кыра соҕус (үксүгэр бааһырыы, баас туһунан)
Нууччалыы Неглубокий, поверхностный (напр., о ране)
Бааһым халымыр соҕус быһыылаах. Сотору үчүгэй буолуом. И. Сосин Саха саллаат хата халымыр соҕустук бааһырбыт этэ. ДАЛ УуУоО. Халымыр бааһырыылаах этим да, кэлин үтүөрдүм Кыым
2 даҕааһын #
Улахана суох, кыра соҕус (буруй, сэмэ)
Нууччалыы Незначительный, несерьёзный (о вине, проступке)
Сэмэн Фёдорович бэйэтин буруйа халымыр. Р. Кулаковскай [Ылдьаа:] Өлөксөй Уйбаанабыс тугу да оннук айылаах, уора-алдьата илик. Онно сэмэтэ халымыр да соҕус. И. Семёнов [Игнатий Деевич:] Маайаа, бүгүн ити сиэним туһугар саатар диэни умнан, милииссийэҕэ тиийэ сырыттым. Хата буруйдара халымыр эбит Пьесалар-1960
Өссө холобурдар (1)
Ыараханнык бааһырбыттар тэлиэгэҕэ тиэллибиттэрэ, халымырдар сатыы хаампыттара П. Аввакумов
3 аат тыл #
суолт. Олус куттала суох, кыра соҕус бааһырыыны, эчэйиини ылбыт киһи (байыас)
Нууччалыы Тот, кто с неглубоким, незначительным, поверхностным ранением