ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыратый

туохтуур

Нууччалыы уменьшаться, обмельчать

1 туохтуур #

Аччаа, кыччаа (көрүҥүнэн)

Нууччалыы Уменьшаться, обмельчать (по размерам)

  • Кинилэр [сулустар] биһиги сирбититтэн олус ыраах буоланнар, ити курдук кыратыйан көстөллөр үһү.
    Н. Якутскай
  • Тигр чарчаччы хатан, наһаа кыратыйбыкка дылы, тыыннааҕар кини обургу өрө кытарыҥнаан түһэн, итинник буолбатах курдуга.
    Л. Попов
  • Табаһыт эрэ барыта табабыт кыратыйда диэн уос номоҕо оҥостор буолбут эбит. А. Кривошапкин (тылб.)

2 туохтуур #

Кыра курдук буол, санан (сүргүн баттатан, чычааран)

Нууччалыы Чувствовать себя подавленным, стесненным; ощущать себя ничтожным, незначительным (напр., перед силой слова, природы)

  • Суруйа олорон сороҕор бэйэм куйахам күүрэр, этим атыйар буолара. Онно мин тыл күүһүттэн чаҕыйа, кыратыйа санаабытым
    Суорун Омоллоон

«К» буукуба