ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хамсык

аат тыл

Нууччалыы мор среди скота, падёж скота, эпизоотия

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

, эргэр

  • Дьэ, харыһыктаах Хаарыаннаах ийэ дойдуттан Хара арахсыахпар диэри Хара төлөн буоламмын Хамсыгы халбарыттым.
    Саха фольк
  • [Порни:] Ыалларым барааннарын үөрүн хамсык хамыйдын, оттон миэнэ үөскээтин-үөдүйдүн… Пьесалар-1960. Омоҕой Баай саҕана сүөһүгэ түһэр үөн-көйүүр олох суох эбит. Кэнники Үрүҥ Айыы үөһэттэн соруйан хамсык оҥорон түһэрбит
    БСИ ЛНКИСО-1938

2 аат тыл #

Сүөһүгэ элбэх өлүүнү-сүтүүнү таһаарар дьаҥ; сүөһү ньимиччи өлүүтэ

Нууччалыы Мор среди скота, падёж скота, эпизоотия

3 аат тыл #

үөхс. Киһини сэнээн, үөхсэн этэргэ туттуллар тыл

Нууччалыы Бранное слово

  • Хайа дойду хамсыгаҕын?
    ПЭК СЯЯ

4 этии #

Хамсык хараҕын харахтан фольк. – өстөөххүн өлөрөргө-өһөрөргө, кыргарга-кыдыйарга бэлэм буол Мин, кырдьык, өһөгөйдөөх санааны сананан, хамсык хараҕын харахтанан, хахай хаанын хааннанан барарга олоробун. Далан. Дагдаҕар баатыр диэн харса хабыра суох бөтөс: "Утарсар баар буоллаҕына утарсыахпыт, -- хамсык хараҕын харахтаныахпыт буоллаҕа дии", – диэтэ. "ХС". Ср. бур. хамшаг ‘эпидемия’, тув. камдьык ‘чума, зараза’

Нууччалыы Быть готовым к уничтожению, истреблению врага, не знать пощады к врагу

«Х» буукуба