ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хапсыччы

Нууччалыы так, чтобы сплющилось, сделалось плоским (напр

1 #

сыһ

  • Бөрө аһаабатаҕа аҕыс хоммут, сиэбэтэҕэ сэттэ хоммут баҕайы иһэ хапсыччы сиһин тоноҕоһугар сыстыбыт.
    Н. Якутскай
  • Колька чиэрбэтин ытыһыгар ууран хапсыччы охсон, силлээн баран, күөгүтүн эмиэ бырахпыта. Ойуку. Турба батаһын окко курдурҕаччы киирэрин курдук хапсыччы охсоот, аалан уһуктуугун
    ПАЕ УуАХО

2 #

Тугу эмэ кураанахтыыр курдук харбыйыар диэри, хаптаччы (хол., саай, оҕус, үктээ)

Нууччалыы Так, чтобы сплющилось, сделалось плоским (напр., ударять, сдавливать, сжимать)

3 #

Түүрэ, куура, хата (куччаа, дьүдьэй, ыр)

Нууччалыы Съёжившись (усохнуть); сплющив (напр., класть, помещать куда-л.)

  • Бурдук умнаһа, сиртэн саҥардыы быган иһэн, куоластаммыт, сиэмэтэ хапсыччы хатан хаалбыт.
    Л. Габышев
  • Уһун айан эриириттэн-мускууруттан хапсыччы хатан хаалбыкка дылы хатыҥыр, сааһырбыт Охонооһой Кучуукап баһылыктаах этибит.
    А. Сыромятникова
  • Хаптаҕай суумканы Хапсыччы кыбынан Хап-хатыҥыр дьээдьэбит Хапсаҕайданан иһэригэр Хараҕым адьас иҥнибэт
    С. Тимофеев

«Х» буукуба