ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чөкөччү

Нууччалыы съёжившись, подобрав, поджав руки-ноги

1 #

сыһ

2 #

Илиилэргин, атахтаргын хомунан, кумуччу туттан (олор – үксүгэр кыра, хачаайы киһини этэргэ)

Нууччалыы Съёжившись, подобрав, поджав руки-ноги (сидеть – обычно о небольшом, худеньком человеке)

  • чөкөтүк диэн курдук. Тума баттаҕын -- кэтэҕин олоҕор чөкөччү эрийэн кэбиһэр.
    У. Нуолур
  • Хаппыт мутугу кытта сүөһү киитин булаан чөкөччү оттубут уоттарыгар оллооҥҥо хочуоллаах эт буһа турар. АХС. Уол отун сыарҕаҕа чөкөччү тиэйэн кыыкырҕатан истэҕинэ ураҕаһын быата быстыбыт. "ХС"
  • Аҕабын батыһан туруору балаҕаҥҥа киирэн, уҥа орон сыҥаһатыгар чөкөччү олорбутум.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
  • Маайа, кэпсэтэр боппуруос балачча ыарахан соҕуһун өйдөөн, оронугар чөкөччү туттан олорунан кэбистэ. НТП СОоЭС. Тоҕо эрэ эмиэ оҕо сааспар түһэммин, эбэм түһэҕэр чөкөччү олоруохпун уонна оргууй аҕай наҕыллык кэпсэниллэр остуоруйа истиэхпин баҕарабын
    ХС

«Ч» буукуба