ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

харчы

аат тыл

Нууччалыы деньги, как средство платежей, как предмет накопления

English money

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Үп, үлэ эбэтэр туох эмэ иһин төлөбүр буолар бэлиэ

Нууччалыы Деньги, как средство платежей, как предмет накопления

  • Хойут харчы көһүннэҕинэ төлүөҥ буоллаҕа.
    Н. Неустроев
  • Уон муунта арыыта, биир эмис ынах буутун миигиттэн илдьэ киир. Харчы оҥорон сээкэйдэ атыылас.
    Болот Боотур
  • "– Күнүҥ харчытын, баһаалыста, ыл. Ол үрдүнэн кэлэн үлэлээбиккэр баһыыбалыыбын", – диэтэ кинээс
    М. Доҕордуурап

2 аат тыл #

Кэпиэйкэ (солкуобай сүүс гыммыт биирэ), бытархай

Нууччалыы Копейка (сотая доля рубля), мелочь

  • Ол аймана сылдьан, [Ыстапаан] биир киһиэхэ этин сүүрбэ биэс сүүһү кытта аҕыйах бытархай харчыга атыылаата.
    А. Софронов
  • Онно күҥҥэ уон, уон биэс, сүүрбэ харчыны өлөртүүр эбитэ үһү.
    Эрилик Эристиин
  • Кэлин ити харчыны кэпиэйкэ диэн ааттыыр буолтара. Сахалыы бытархай харчы диибит
    ББ

3 аат тыл #

Манньыат (кыһыл, үрүҥ көмүс эбэтэр алтан, тимир); бытархай (сыр) манньыат

Нууччалыы Металлический денежный знак (различного достоинства)

  • Манна уезд таҥаратын дьиэтин аҕабыыта Никандр Мельниченко докумуоннара уонна уоннуу сүүстээх кыһыл көмүс харчы угуллубуттар.
    Н. Якутскай
  • Киһилэрэ, алтан айахтаах кумараанньыгы ылан, биир солкуобайдаах көмүс харчыны Абдуркуллаҕа биэрдэ.
    Эрилик Эристиин
  • Туобуйа биир уола: "– Мэ, бу үбү", – диэн баран, биир мөһөөччүккэ толору көмүс-алтан харчыны уунна
    Н. Павлов

4 этии #

Халыҥ хаһанан харчы охсун (кэбис), суон саалынан мохсуо кэбис (уурун) көр саал I. Оок-сиэ дуо, оҕолоор! Халыҥ хаһанан харчы кэбиһэр, Суон саалынан мохсуо кэбиһэр, Айгы-буйгу, аан чалбараҥ диэн Бу аата буолбат дуо! Өксөкүлээх Өлөксөй. Туос сандалы остуолга Тула олорон чуоҕустулар, Халыҥ хаһанан харчы кэбистилэр, Суон саалынан мохсуо оҕустулар. С. Зверев.

Нууччалыы Помешаться на деньгах, пристраститься к наживе

Этиилэр

Харчыны тамныыр көр тамнаа

  • Харчынан тамнааттанар аныгы сахаларбыт инбэлииттэргэ тоҕо көмөлөспөттөр? "Саха с. ".

Харчыга хараҥарбыт

харчыга иҥсэлээх буолбут, өйө-санаата харчы эрэ туһунан буолбут Албынныахпын баҕарбаппын, Харчыга хараҥарабын, Хантан ылары билбэппин.

  • [Бодойбоҕо] Харчыга хараҥаран, Харыстарыттан таҕыстылар, Хараҥа хааннарын таһаарыстылар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • – Сөпкө этэҕиэн, былааска иирэн, харчыга хараҥаран дьон кэрээниттэн тахсан эрэр. "Чолбон"

5 этии #

Нууччалыы Коленная чашечка (надколенная кость)

Этиилэр

Харчы уҥуоҕа (харчы уҥуох)

тобук уҥуоҕа, тобук хаппаҕа Кутталбыттан сүһүөҕүм харчы уҥуоҕа атаҕым устатын тухары сүүрэлииргэ дылы гынна.

  • Арай биирдэ Игнашка, ыҥырыа тикпитин курдук, дьигис гыммыта, онно кини тобугун харчы уҥуоҕар табыллыбыт этэ.
    М. Горькай
  • Ср. каракалп. каржы ‘средства (деньги, материальные ценности)’, казах. каржы ‘денежные средства’. Русск. харчи ʽеда, пища’

«Х» буукуба