ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хатыйыы

аат

этии

  • хатый диэнтэн хай. аата. Баһылай куобахха иитэр кыл туһаҕын хатыйыы тэптиргэлиир.
    С. Маисов
  • [Түүлгэр] хатыйыыттан оҕуннаххына – үлэҕэр соһуччу мэһэй көстүө. БРИ ТТ. Баайсыыттан, хатыйыыттан, хомпуустааһынтан, эккирэтииттэн куттаныма. В. Ленин (тылб.)

Этиилэр

Хатыйыы бүтэй

боотулу бүтэй (күрүө) диэн курдук (көр бүтэй II).

  • Хаһаайын сүрэхтээх үлэһитин кини олбуора хатыйыы бүтэйдээҕэ кэрэһилии турар.
    В. Протодьяконов
  • Сиҥнэн эрэр хатыйыы бүтэйи батыһа сабыс-саҥа кэрдиллибит остоолболор уонна таҥастаммыт сиэрдийэлэр кылбаһаллар. "Кыым".

Хатыйыы күрүө (олбуор)

хатыйа күрүө диэн курдук (көр хатый).

  • Хатыйыы талах олбуордаах, тас өттө буор сыбахтаах, кыра намыһах дьиэм аттыгар тиийэн кэлбиппит.
    С. Никифоров
  • Дэриэбинэ уһугар хатыйыы талах олбуордаах -- хоруобуйалаах улахан дьиэҕэ кэлэн Арсен Бардыыкап атыттан түстэ.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Эргиир хатыйыы күрүөтэ Эргэрэн сууллуохча иҥнэйбит. "Чолбон". [Маша] Украинатын, -- сыыр үрдүгэр хатыйыы олбуор иһигэр турар тунал маҥан сыбахтаах дьиэтин санаата. "ХС"

«Х» буукуба