ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаһылыччы

Нууччалыы большими, глубоко посаженными глазами

Киэҥ-киэҥник, иһирдьэ, дириҥник түспүт харахтаргынан (көр)

Нууччалыы Большими, глубоко посаженными глазами (смотреть, глядеть)

  • Модьу-таҕа, кытаанах-кытаанаҕынан хаһылыччы көрбүт, үрдүк уҥуохтаах нуучча киһитэ утары хааман дьиэрбэлдьийэн кэлбитэ.
    И. Федосеев
  • Хап-харанан хаһылыччы, төп-төгүрүгүнэн диэличчи көрөөччүнү саха "үүн тиэрбэһин курдук харахтаах" диэччи буолбаат?
    С. Федотов
  • Киһиҥ эн үрдүгүнэн Килиэ-халаа көрүөҕэ, Хап-хатыылааҕынан Хаһылыччы көрүөҕэ.
    С. Тимофеев
Өссө холобурдар (1)
  • Оо, аҕынна даҕаны Варя хайдах эрэ ис иһиттэн ис киирбэх дьүһүнүн, хап-харанан ып-ыраастык, хаһылыччы көрбүт харахтарын, сытыары-сымнаҕас истиҥ бэйэтин!
    Чолбон

«Х» буукуба