ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаһыҥыраа

туохтуур

Нууччалыы издавать хриплые, сопящие звуки во время сна, храпеть

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт

  • Пуд Ильич утуйан мунна хаһыҥыраабытынан барбыта.
    Далан
  • Остуолга, илиитигэр умса түһэн, Кустуров хаһыҥырыыр.
    Н. Габышев
  • Ким эрэ сылаатыгар баттатан хаһыҥырыыра иһиллэр
    В. Миронов
Өссө холобурдар (3)
  • Саҥараргар, күлэргэр муннугунан тыастаахтык тыынан ыл. Θ Издавать носом хриплые отрывистые звуки, всхрапывать (при дыхании или смеясь). Бүүчээн оҕонньор -- туһааннаах өстөөҕө кэтэҕэриин ороҥҥо кирийэн олорорун дьэ таба көрөн, хаһыҥыраабытынан, өрүтэ даллаҥнаамахтаан ылла.
    Амма Аччыгыйа
  • Тэптиргэ уу кытыытыгар ураҕаһынан мин түһэрбит хабдьыбын ыла сатыы туран күлэн хаһыҥырыыра иһилиннэ.
    М. Ефимов
  • Тырыпаай бэйэтэ муннунан хаһыҥыраан саҥарбыт -- оҕонньор
    ХС

2 туохтуур #

Утуйа сытан муннугунан тыастаахтык тыын

Нууччалыы Издавать хриплые, сопящие звуки во время сна, храпеть

3 туохтуур #

Таныыгын тыаһат (кыыллары этэргэ)

Нууччалыы Издавать резкие хриплые звуки, храпеть (о животных)

  • Ата соһуйан, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы кэннинэн чинэрийдэ.
    Суорун Омоллоон
  • Эһэ таптарбыт быһыылааҕа, дириҥник хаһыҥырыы тыыммахтаата.
    Л. Попов
  • [Бөрө] хас хаһыҥыраатаҕын аайы дууп мас мутуктара хамсыырга дылы гыналлар. Бырааттыы Гриммнэр. Ср. уйг. хаҥримак ‘кричать, орать, реветь’

«Х» буукуба