ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаһыҥнаа

туохтуур

Нууччалыы наступать, ударять – о заморозках

1 туохтуур #

Сарсыарданан тымныйан, хаһыҥ түһэр, кыратык тоҥор (күһүҥҥү, сааскы күн-дьыл туһунан)

Нууччалыы Наступать, ударять – о заморозках (обычно осенью и весной)

  • Халлаан тымныйда. Арааһа, хаһыҥнаары гыммыт.
    Болот Боотур
  • Күһүн сибиэнэ биллэн барбыта. Атырдьах ыйын ортотуттан хаһыҥнаабыта.
    И. Федосеев
  • Түүн хаһыҥнаабыт буолан сир-дойду ото-маһа барыта чоҥкунуу кырыарбыт
    ЭКС ТБТ

2 туохтуур #

Хаһыҥҥа оҕустаран, ылларан, хаарыйтаран, үлүй

Нууччалыы Побиваться, прихватываться заморозками

  • Бурдук хаһыҥнаан хаалбыта, ас-таҥас мэлийдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Аара суолбар, били тыабар, Тохтоон аастым, тула көрдүм: Хагдарыйбат, хаһыҥнаабат Харыйабар сүгүрүйдүм.
    М. Тимофеев
  • Бу пүлүөҥкэ түүҥҥү өттүгэр сылааһы туппат, тэпилииссэ иһэ түргэнник сойор, үүнээйи хаһыҥныан сөп.
    ФНС ОС

«Х» буукуба