Перевод с якутского
хобдох
даҕааһын
Нууччалыы плохой, дурной, убогий, скудный, жалкий
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
, кэпс
Хос иһэ киһи олорботох хобдох, испиэскэ сыттаах салгынынан көрүстэ. Н. Якутскай Маайа олоҕо билигин, күнэ күнүн үтүктүһэн түһэн хобдох, түүппэх олох. Н. Габышев [Сэрии иннинээҕи сылларга уонна сэрии суостаах сылларыгар] хобдох ас-таҥас. Кырыымчык хамнас. Г. Нынныров
Өссө холобурдар (1)
Үтүө сурах сатыы хаамар, Хобдох сонун кынаттанар Айталын
2 даҕааһын #
Киһи хомойуон курдук куһаҕан, мөлтөх, тутах
Нууччалыы Плохой, дурной, убогий, скудный, жалкий
3 даҕааһын #
Киһи кута-сүрэ тохтообот, астыга суох
Нууччалыы Наводящий уныние, унылый, печальный
"Бүлүү сиригэр холоотоххо, хобдох да сир" дии саныыр Маайа, кураайы кырдаллары көрө-көрө. Н. Якутскай Ыкса күһүн хара сир олус хобдох: От-мас кубарыйа өлүктүйэр. Таллан Бүрэ. Таатта үрэх дуомугар эрэ сыккыстаата, хаатыттан кыайан тахсыбата, от сирин угуттаабата, күөллэргэ кутуллубата. Хобдох, дьэки-курус саас ХС Ардахтаах, былыттаах, тымныы (күн-дьыл). Θ Ненастный, непогожий. Күһүҥҥү хобдох хонуктар Күһэйэн кэллилэр. Эллэй. Таһырдьа хобдох баҕайы тыал үөлэс үүтүгэр энэлийэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. Саппараҥ, самыыр. Хобдох күн-түүн Чэчир-7
4 даҕааһын #
Киһи тэһийбэт, курус, чуҥкук
Нууччалыы Унылый, тоскливый, безрадостный
Ира, мин эйиэхэ хобдох баҕайы суругу суруйабын. Н. Габышев Сөрүүн хоһун сүрэҕэ сылытта, Хобдох хоһун дууһата байытта. В. Гольдеров Мин санааларым, сүрэҕим бу быраҕыллыбыт өтөҕү санатара. Оннук курус уонна иһийбит, оннук чуумпу уонна хобдох курдуга. В. Гаврильева
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС хопдах, монг. ховдог ‘жадность’