ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хобордоох

аат тыл

Нууччалыы сковорода

English frying pan

1 аат тыл #

Арыыга, сыаҕа ас буһарарга аналлаах төгүрүк нэлэгэр чугуун эбэтэр ылтаһын иһит

Нууччалыы Сковорода

  • Хобордооххо алаадьы буһан сырылыыр.
    Л. Попов
  • Тутаахтаах хобордооххо дьорохой сыалаах оһоҕоһун сырдьыгынаталлар. КФА СБ. Халыҥ хаарынан бүрүллэ сытар, киэҥ, хобордоох курдук төгүрүк Сыырдаах алааһы эргийэн, Балаҕаннаахха тиийдэ
    ХС

2 этии #

Этиилэр

Итии хобордоох үрдүгэр (хобордооххо) олордор көр итии

  • [Улусова:] Чэ, оҕобут, балтыбыт, кэллэ-кэлээт, итии хобордоох үрдүгэр олордон түһэҥҥин, сүгүн да үлэлэтиэ суоххун.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Мунньахха кэлбит дьон бары, тимир-тамыр курдук көрөллөр, тыллара-өстөрө, итии хобордоох үрдүгэр олордон, сытыырхайбыта сүрдээх.
    П. Аввакумов

Хобуоччу хобордоох, сарыы таҥалай көр таҥалай I

  • [Манчаары:] Сахалар барылара хобуоччу хобордоох, сарыы таҥалай буолбатахтар! И. Гоголев

«Х» буукуба