Перевод с якутского
холкутук
Нууччалыы свободно, легко
Ис хоһооно · 6
1 #
сыһ
Холкутук хомуллар хотуур. ПАЕ ЭАБ. Кэһиэччик ырбаахыны кумалаабат, ыбылы туппат буолуохтаах, холкутук кэтиллиэхтээх ААН ТИиК
2 #
Босхо, холку гына
Нууччалыы Свободно, легко
3 #
Ыксаабакка, ыгылыйбакка эрэ, олох долгуйбакка
Нууччалыы Спокойно, легко, непринуждённо
Кинилэр бэрт сайдыылаах, интеллигентнэй аныгы ыал быһыытынан куоластарын да үрдэппэккэ мэлдьи холкутук кэпсэтэллэр.
Н. ЛугиновДолгуйбуппун биллэримээри Холкутук тутта сатыыбын. И. Федосеев Аны мөккүһэллэрэ тохтоон, холкутук, оргууй аҕай кэпсэтэ тураллара. Ч. Айтматов (тылб.)
4 #
Тиэтэйэри, ыксыыры билбэккэ, наҕыллык (тутун, тугу эмэ гын, оҥор)
Нууччалыы Спокойно, свободно (держаться), неторопливо, не спеша (делать что-л.)
Тахсар күн саһарҕатын диэки ыраас харахтарынан көрбүтүнэн, Зоя холкутук хааман испит. Амма Аччыгыйа Биһиги ыксаатахпытына, тиэтэйдэхпитинэ даҕаны кини [Тихон] өрүүтүн холкутук туттар, мичээрдээн малаарыйа сылдьар. А. Бэрияк Өлүөнэ холкутук кылбаара устар Н. Габышев
5 #
Улаханнык туохха да мэһэйдэппэккэ, көҥүл-босхо, көҥүллүк; ыарырҕаппакка, чэпчэкитик (тугу эмэ гын, оҥор)
Нууччалыы Свободно, вольно; без труда, усилий, легко
Холкутук олорбуттара сыччах. И. Гоголев Таня -- хас да килэмиэтири холкутук сүүрэр этэ. А. Шапошникова Аайа историятын, английскайын биэскэ туттаран, үөрэххэ холкутук киирдэ А. Никифорова
6 этии #
Нууччалыы Совершенно невозмутимо
Этиилэр
Муус холкутук
кыратык да долгуйбакка, ыгылыйбакка Оҕонньор, туох эрэ наадата суох таһаҕаһы таһааран эрэллэрин курдук, муус холкутук оҕуруотун сүлдьүгэстэрин аһан биэрэн баран, дьиэтигэр киирэн хаалла.
Вася олус муус холкутук хомуутун сүөрүннэ. ОГГ ТЛ- 8. Николаев муус холкутук быһыта баттаталаан эттэ. А. Кривошапкин (тылб.)