Перевод с якутского
холуй
туохтуур
Нууччалыы представлять кого-что-л. похожим, подобным кому-чему-л., сравнивать с кем-чем-л., уподоблять кому-л
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ майгыннат, биир курдук санаа, тэҥнээн көр
Нууччалыы Представлять кого-что-л. похожим, подобным кому-чему-л., сравнивать с кем-чем-л., уподоблять кому-л
Урут бөрөлөр суолларын сылгы, таба, киһи суолугар холуйар буолара. Амма Аччыгыйа Бүлүүтээҕи ГЭС тутуутугар үлэлээччи дьону оҕонньор халыҥ хайаны хампарытар, дохсун дьулусханы бохсор кыахтаах олоҥхо бухатыырдарыгар холуйара. И. Данилов Сахалар күөл иччитин улахан баҕайы оҕус мөссүөнүгэр холуйаллар. АЕЕ ӨӨ
2 туохтуур #
көр холоо
3 туохтуур #
Атыттарга холуйдахха, сырдык дьиэ. Амма Аччыгыйа
4 этии #
Этиилэр
Быһа холуйан көр быһа I
Ол мааһы дьон быһа холуйан сүүрбэ биэс буут буолуо дииллэрэ. Р. Кулаковскай Биһиги быһа холуйан икки сүүс сэттэ уон биэс миэтэрэ туоралаах сүүнэ өрүһү нөҥүө туоруохтаахпыт. "Чолбон". Воропаев дьиэни чөлүгэр түһэрэргэ төһө кирпииччэ наадатын быһа холуйан суоттаата. ПП Дь. Ср. ДТС хол ‘просить, добиваться, вымаливать’