ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холуон

даҕааһын

Нууччалыы обладающий большой силой, мощный, резкий, бурный

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Холуон сырыылаах.
  • Анныбар холуон сүүрүктээх өрүс будулуйа устар.
    П. Аввакумов
  • Куондалай маҥан тумуллар үрдүлэринээҕи хомураҕы-тибиини холуон холорук хоҥнорута ытыйда.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • [Куртуйах улар] Холуон тымныыттан Хотоол сир Хомурах хаарыгар Хорҕойон кыстаабыт
    ХС

2 даҕааһын #

Олус күүстээх, дохсун (хол., тыал)

Нууччалыы Обладающий большой силой, мощный, резкий, бурный

3 даҕааһын #

Баламат, толоос, сиэргэ баппат (хол., сыһыан)

Нууччалыы Оскорбительно грубый, дерзкий (напр., отношение человека)

  • Холуон майгылаах.
  • Айманар эбиппин – ыччат да, орто да көлүөнэ дьон өбүгэ үгэстэригэр холуон сыһыаннаммыттарыттан. Хомус Уйбаан. [Сайыына] наар бэйэтин эрэ иннин саныыр. Бэл, киниэхэ уонна аҕатыгар тымныы, холуон сыһыаннаах. ТТК. Ыччат дьон баҕаларын Ытыктыыры эрэйэбин, Холуон соҕус быһыыларын Хоруотуохпун кэрэйэбин
    ХС

4 даҕааһын #

Бас баттах, сиэри таһынан (тыл-өс туһунан)

Нууччалыы Грубый, нелюбезный, неприличный (о речи, выражении)

  • Оо, дьон, киһи сүрэҕин саамай уйан бааһын холуон тылынан таарыйаргытыттан тоҕо сэрэммэккит буолуой?! Софр. Данилов. Санаа түһэр хоһооннорун Суруйар киһи диэннэр Холуон тыллар хоноллорун Кэпсээтилэр кэлэннэр. С Тарасов. Ср. ДТС хал ‘безумный, бешеный’, бур. халуун ‘горячий (пламенный)’

«Х» буукуба