Перевод с якутского
хомуос
аат тыл
Нууччалыы ковш, черпак
English dipper, ladle
1 аат тыл #
Уһун уктаах төгүрүктүҥү быһыылаах убаҕаһы баһар иһит
Нууччалыы Ковш, черпак
Урууп ийэтэ, ынаҕын ыан киирэн хомуостан уу омурдан ыла-ыла, илиитин суунна.
КүндэБиир хомуостан миин, хааһы баһан сиэн абыраммыт. И. Гоголев Эбэм туос ыаҕастаах суоратын хомуоһунан баһан, киһи аайы үллэрэн кутаттыыр С. Маисов
2 аат тыл #
Тугу эмэ (хол., хаары, буору, кумаҕы) баһан ылан кутар аналлаах улахан тимир оҥоһук
Нууччалыы Большое металлическое приспособление в различных механизмах, производствах, служащее для зачерпывания
Хомуостары cohop сыап быһа ыстанан ууга түһэн хаалбыта. И. Бочкарёв Михаил Тимофеевич массыынаҕа тиһэх хомуоһун бастаран кутта итиэннэ экскаваторын суол диэки эргиттэ ХС
3 этии #
Нууччалыы Сеголетки карася
Этиилэр
Хомуос сулус
араҥас сулус диэн курдук (көр араҥас II).
Былыта суох киэһэ халлааҥҥа хомуос сулус чаҕылыйа көстөр. Хомуос харах түөлбэ. – собо быйылгы оҕото Ср. ДТС хамыч ‘черпак, ковш’